22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

“Чолбон” сурунаал бэтэрээннэрин чиэстээтэ

11:05, 09 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

“Чолбон” сурунаал төрүттэммитэ 90 сылын чэрчитинэн, Кыайыы күнүн көрсө, редакция бэтэрээннэрин, урут үлэлээбит кэлиэгэлэрин ыҥыран чиэстээтэ.


Редактор Данил Макеев үбүлүөйдээх сылга туох үлэ ыытыллыахтааҕын кэпсээтэ. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэри сурунаал бастакы редактора, саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Софронов-Алампа төрөөбүт дойдутуттан – Тааттаттан саҕалаабыттара мээнэҕэ буолбатах. Алампа пааматынньыгар сүгүрүйэн, Таатта ытык сирдэригэр сылдьан, айар дьоҕурдаах дьонун көрсөн кэлбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Сайын Нам, Уус Алдан, Таатта улуустарыгар “Чолбон” сурунаал күннэрин ыытыахтара. Сэтинньигэ научнай-практическай конференция, үөрүүлээх мунньах ыытыллара былааннанар.

СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, суруйааччы, 81-с хаарын уулларбыт Василий Егоров-Тумарча “Чолбоҥҥо” 1984-1991 сылларга үлэлээбит. Ол саҕана сурунаалга үксэ улахан суруйааччылар үлэлииллэрэ. Тумарча геологынан үлэлии сылдьан, эмискэ сурунаалга хайдах көһөн хаалбытын кэпсээтэ. Онтон ырыынак үйэтэ кэлбитигэр, Чурапчыга бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, сэттэ сыл үлэлээбит. “Петр Аввакумов саҕаттан, урут үлэлээбит дьон, хайдах эрэ тулаайахсыйан хаалбыт курдук этибит. Ону бу эдэр дьон ыҥырбыккытыгар, бэлиэтээбиккитигэр махтанабын. Кырдьаҕас дьон алгыстарын ылынан, сүбэлэрин-амаларын истэн, үлэҕит-хамнаскыт көдьүүстээх буолуо диэн эрэнэбин”, — диэтэ кини.

Салгыы урут корректорынан үлэлээбит Виталина Куличкина, суруйааччы Петр Аввакумов огдообото Матрена Аввакумова эмиэ бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, баҕа санааларын тиэртилэр.

“Чолбон” сурунаал 1926 сыллаахха САССР наркомпросздрав ыйааҕынан тэриллибитэ. Аан бастаан В.Н. Леонтьев, А.Ф. Бояров, А.А. Иванов-Күндэ үлэлээбиттэрэ, Алампа редактордаабыта. Араас сылларга сурунаал хаста да аата уларыйан, үлэһиттэрэ репрессияланан, күчүмэҕэй күннэри көрсүбүтэ. Ол эрээри, Суруйааччылар сойуустарын уоргана буоларын тохтоппотоҕо. Саха суруйааччыларын барыларын айымньылара сурунаалга бэчээттэнэллэрэ.

Араас сылларга сурунаал редакторынан биллэр суруйааччылар А.И. Софронов, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа, В.М. Новиков-Күннүк Уарастыырап, С.Р. Кулачиков-Эллэй, Н.Г. Золотарев-Николай Якутскай, В.С. Яковлев–Далан, Д.В. Кириллин, А.А. Егоров, С.Н. Горохов, П.П. Никитин, П.Д. Аввакумов үлэлээбиттэрэ. Кинилэр саха литературата сайдарыгар, норуот тыла, духуобунаһа туруктаах буоларыгар, эдэр көлүөнэни иитиигэ бэйэлэрин дьоһун кылааттарын киллэрбиттэрэ. Ону тэҥэ сурунаал норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтүүгэ кылаатын иһин, 1976 с. “Бочуот Знага” уордьанынан наҕараадаламмыта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА