Сэтинньи 3 күнүгэр Дьокуускайга «Книга – 03» диэн бибилэтиэкэҕэ «Чолбон» сурунаал 90 сылыгар аналлаах, ааҕааччылары уонна айар куттаах дьону кытта көрсүһүү бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
«Книга — 03» бибилэтиэкэ ыҥырыылаах ыалдьыттарынан суруйааччылар: СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Айысхаана уонна СӨ Бэчээтин туйгуна Уйбаан Ойуур буоллулар. Кинилэр «Чолбон» сурунаал уонна бэйэлэрин айар үлэлэрин кытта билиһиннэрдилэр, билиҥҥи литэрэтиирэ туһунан санааларын үллэһиннилэр, ол кэнниттэн ааҕааччылар ыйытыыларыгартолоруэппиэттэрибиэрдилэр.
Түмүгэр Айысхаана инникитин да айар куттаах, сөбүлүүр бибилэтиэкэтин дьонугар кыаҕа баарынан көмөлөһөр баҕалааҕын тириэртэ. Уйбаан Ойуур бэйэтин «Куочаана» диэн саҥа айымньытын туһунан кэпсээтэ.
Олохтоо хааптардар Марианна Тимофеева-Алгыстаана уонна Спартак Софронов саҥа хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.
Түмсүү салайааччыта Виктория Оконешникова биэчэри олус истиҥник, уратытык аттаран сатабыллаахтык иилээн-саҕалаан ыытта уонна нарын куолаһынан ырыа ыллаата.
«Книга — 03» бибилэтиэкэ ааҕааччылара өрө көтөҕүллэн, долгуйан туран «Чолбон» сурунаал айар кэлэктиибин үбүлүөйүнэн истиҥник эҕэрдэлээтилэр уонна үчүгэй сонун айымньылары бэчээттээн үөрдэ сылдьалларын иһин махтаннылар.
— Олус астынным, үөрдүм. «Чолбон» сурунаалы уруккуттан сөбүлээн ааҕабын. Эһиэхэ ситиһиини уонна 90 сыллаах үбүлүөйгүтүн көрсө өссө таһаарыылаах үлэни, дьолу-соргуну баҕарабын, — диэтэ 89 саастаах ааҕааччы Иван Данилов.
This post was published on 07.11.2016 11:10 11:10