"Чохоон" дьиэ кэргэнинэн дьарыкка анаан саҥа рубрика таһаарда

Хаартыска: Чохоон

«Чохооҥҥо» эти-хааны эрчийэр, дьарыктыыр «КҮҮС — СЭНИЭ» рубрикаҕа саҥа биэрии таҕыста.

«Азия оҕолорун» көрсө, дьиэ кэргэни түмэр, чэбдигирдэр сыаллаах хамсаныылаах эрчиллиилэр көрдөрүллэллэр. Бүтүн Россиятааҕы туризм уонна спорт үлэһиттэрин идэлээх сойууһун Саха сиринээҕи общественнай тэрилтэтин көҕүлээһининэн уһуллар.

Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылыгар анаммыт рубрика бүгүҥҥү таһаарыытын көтүтүмэҥ. «Чохооннуун» дьарыктаныҥ, күүс — сэниэ эбиниҥ!

«ЧОХООН»

https://youtu.be/VqgdlMpozvU?feature=shared

эбэтэр

https://rutube.ru/u/Chokhoon/ каналыгар көрүҥ!

This post was published on 28.02.2024 17:06 17:06