Мобилизацияҕа түбэһэн Читаҕа байыаннай бэлэми бара сылдьар саха дьонугар 50 комплект сылаас утуйар таҥас ыыттылар. Бу күннэргэ ону үөрэх чааһыгар илдьиэхтэрэ, диэн Дьокуускай куорат дьаһалтата иһитиннэрдэ..
Утуйар таҥаһы «Победа» аһымал пуонадаҕа киирбит үбүнэн атыыластылар диэн бэлиэтииллэр.
«Пуондаҕа харчы ыыппыт дьоҥҥо уонна тэрилтэлэргэ махтанабыт. Олохтоох Улан-Удэ волонтердарыгар туспа махтал, кинилэр биһиги уолаттарбытыгар миэстэтигэр утуйар таҥаһы атыыластылар уонна илдбэн биэриэхтэрэ», — диэн куорат дьаһалтата махталын биллэрэр.
This post was published on 11.11.2022 12:06 12:06