Балаҕан ыйын 15 күнүттэн Дьокуускай — Орто Халыма — Черскэй хайысханан субсидиялаах билиэти 2022 сыл бүтүөр диэри атыылыыр туһунан этилиннэ. Бу Дьокуускайга Аллараа Халыма 96 олохтооҕо балаҕан ыйыгар көтүөн баҕалаах олорорун кытта сибээстээх.
Тырааныспар миниистирин солбуйааччыта Ольга Рафаилова эппитинэн, пассажирдар хаайтарыылара Черскэйгэ порт балаһата оҥоһуллуутун кытта сибээстээх.
69 рейсы нэдиэлэҕэ иккитэ Черскэй – Орто Халыма — Черскэй хайысханан көтүтэргэ 2022 сылга 50,0 мөл солк көрүллүбүт.
Сиһилии: https://ysia.ru/v-yakutii-predlozhili-otkryt-prodazhu-subsidiruemyh-aviabiletov-v-cherskij/
This post was published on 15.09.2022 17:33 17:33