Черскэй бөһүөлэгэр эһэни көрдүлэр

Аллараа Халыма оройуонун Черскэй бөһүөлэгэр Хотугулуу-Илиҥҥи научнай станция олорор дьиэтин таһыгар тыатааҕыны бэлиэтээтилэр, диэн «Колымская правда» суруйар.

Адьырҕа кыылы ыттар тыа диэки үүрбүттэр эрээри, ол кэннэ хаһаайыстыбыннай тутуулар тастарыгар эмиэ көрбүттэр. Черскэй таһыгар кэнники уон хонук иһигэр дьон эһэни хаста да көрбүттэрин биллэрдилэр.

Олохтоохтору киэһээҥи уонна түүҥҥү кэмҥэ күүлэйдэри тохторго, айылҕаҕа тахсар түгэҥҥэ тобох аһы-үөлү анал пакетка хомуйарга ыҥыраллар

This post was published on 08.08.2023 12:36 12:36