Аллараа Халыма улууһун «Черскэй» аэропордун саҥардыы үлэтэ 2021 сылтан 2023 сылга диэри ыытыллыа. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
«Ыйыллыбыт бириэмэҕэ саҥа искусственнай көтөр-түһэр балаһа, аэродрому күрүөлүүр тутуу үлэтэ ыытыллыаҕа. Үбүлээһин 2,1 мөлүйүөн солкуобай буолла», — диэн этиллибит.
Аэропорду саҥардыы социальнай суолталаах, өскөтүн аэропорт инфраструктурата модернизацияламматаҕына, ыраах сытар Арктика улуустара транспортнай хааччахтааһыҥҥа түбэһиэхтэрин сөп диэн бэлиэтээн этиллибит.
Хотугу муора суолун инфраструктуратын сайдыытын былаанын быһыытынан, Арктика улуустарыгар түөрт аэропорду 2024 сылга диэри саҥардыллыахтаах.
This post was published on 27.12.2019 12:28 12:28