Сэтинньи 16 күнүгэр Черскэй аэропорда саҥардан оҥоруу өрөмүөнүгэр сабыллар. Салгынынан тиэйии-таһыы Дьокуускай — Орто Халыма хайысханан «стыковканан» оҥоһуллуоҕа.
Черскэй — Орто Халыма рейскэ субсидиялаах билиэттэр атыыланыахтара. Ол туһунан тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев эттэ, суруйар СИА.
Аэропорт 2021 — 2022 сыллардааҕы магистральнай инфраструктураны кэҥэтии уонна саҥардыы бырагырааманан оҥоһуллар.
«Черскэйгэ салгынынан тиэйии-таһыы Орто Халыма аэропордунан оҥоһуллуоҕа. Черскэй — Орто Халыма ыккардыгар көтүүгэ эмиэ субсидиялаах билиэттэринэн көтүөххэ сөп. Субсидия сыананы 35 тыһ солк тутуоҕа, өссө ханан эрэ онтон кыра буолуон сөп», — диэтэ Владимир Сивцев.
«Полярные авиалинии» АХ бу хайысханан айаннааһыҥҥа билиэти сэтинньи саҕаланыыта саҕалыаҕа. Атын аэрэпортар кыраапык быһыытынан үлэлииллэр.
This post was published on 29.10.2021 13:01 13:01