Чэпчэтиилээх ипотеканы дьиэ тутуутугар биэриэхтэрэ

РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин «Дьиэ кэргэн ипотеката» бырагыраамаҕа уларытыылары киллэрдэ. 


«Дьиэлэнии усулуобуйатын кэҥэтэн чэпчэтиилээх ипотеканы дьиэ туттуутугар көрдүбүт», — диэтэ Михаил Мишустин.

Иэс харчыны 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн иккис эбэтэр онтон кэлэр оҕону төрөппүт эбэтэр инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэн ылыа.

6% диэри чэпчэтиилээх кирэдьиити дьиэ тутуутугар, сир учаастагын ылыыга туһаныахха сөп. Маныаха дьиэни тутар хампаанньа эбэтэр ИП тутарын туһунан дуогабар ирдэнэр. Бастакы төлөбүр дьиэ тутуутун эбэтэр учаастак сыанатын 15% буолуохтаах.

Бырагыраама көмөтүнэн алта мөлүйүөҥҥэ диэри харчыны иэһиэххэ сөп.

Бырабыыталыстыба сабаҕалааһынынан чэпчэтиилээх ипотека көмөтүнэн дойдуга 20 тыһ ыал дьиэлэнэр кыахтаныа, уопсайа 2,8 мөлүйүөн кв миэтэрэ дьиэ тутуллуо.

This post was published on 20.04.2021 17:02 17:02