РФ бырабыыталыстыбата 7%-наах чэпчэтиилээх ипотека ставкатын 12%-ҥа тириэрдэри эттэ, ол туһунан вице-премьер Марат Хуснуллин иһитиннэрдэ диэн суруйда «Интерфакс».
Дьиэни тутууну өйүүр сыалтан бырабыыталыстыба дьиэ кэргэн, Уһук Илиҥҥи уонна тыа сирин ипотекаларын усулуобуйаларын оннунан хаалларарга эттэ.
2022 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри үлэлиир чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматыгар уларытыы киириэҕэ: ставка 12%-ҥа диэри улаатыаҕа, дьиэ сыаната үрдүк түөрт региоҥҥа кирэдьиит суумата 3 мөл солк-тан 12 мөл солк-га тириэрдиллиэҕэ (Москва, Москва уобалаһа, Санкт-Петербург, Ленинградскай уобалас), атын регионнарга — 6 мөл солк диэри буолуоҕа.
«Бырагыраама хайдах үлэлиирин көрүөхпүт, наада буоллаҕына корректировкалаан биэриэхпит», — диэтэ Хуснуллин РФ президенэ Владимир Путин бырабыыталыстыбаны кытта мунньаҕар.
This post was published on 24.03.2022 13:01 13:01