22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чэпчэтиилээх ипотека ставкатын 12%-ҥа диэри үрдэтэри эттилэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ бырабыыталыстыбата 7%-наах чэпчэтиилээх ипотека ставкатын 12%-ҥа тириэрдэри эттэ, ол туһунан вице-премьер Марат Хуснуллин иһитиннэрдэ диэн суруйда «Интерфакс».

Дьиэни тутууну өйүүр сыалтан бырабыыталыстыба дьиэ кэргэн, Уһук Илиҥҥи уонна тыа сирин ипотекаларын усулуобуйаларын оннунан хаалларарга эттэ.

2022 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри үлэлиир чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматыгар уларытыы киириэҕэ: ставка 12%-ҥа диэри улаатыаҕа, дьиэ сыаната үрдүк түөрт региоҥҥа кирэдьиит суумата 3 мөл солк-тан 12 мөл солк-га тириэрдиллиэҕэ (Москва, Москва уобалаһа, Санкт-Петербург, Ленинградскай уобалас), атын регионнарга — 6 мөл солк диэри буолуоҕа.

«Бырагыраама хайдах үлэлиирин көрүөхпүт, наада буоллаҕына корректировкалаан биэриэхпит», — диэтэ Хуснуллин РФ президенэ Владимир Путин бырабыыталыстыбаны кытта мунньаҕар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА