Россияҕа «Льготнай ипотека» ставкатын бырыһыана 9-тан 7-ҕэ диэри түстэ. Уураах бырабыыталыстыба саайтыгар таҕыста.
Президент Владимир Путин Петербургтааҕы экономическай форумҥа чэпчэтиилээх ипотека ставкатын кыччатар туһунан эппитэ.
Бэнидиэнньиккэ, бэс ыйын 20 күнүгэр, үп министиэристибэтэ миниистирдэр кабинеттарыгар уураах бырайыагын киллэрбитэ. Бэс ыйын 22 күнүгэр, бырабыыталыстыба мунньаҕын кэмигэр, премьер-миниистир Михаил Мишустин докумуоҥҥа илии баттаабытын иһитиннэрдэ.
Бырагыраама болдьоҕо уонна усулуобуйата оннунан хаалар.
Чэпчэтиилээх ипотеканы саҥа дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһыытыгар, чааһынай дьиэни туттууга уонна сир учаастагын ылыыга ылыахха сөп, 2022 сыл бүтүөр диэри.
Источник: «Парламентская газета»