Саха сириттэн Виктория Петрова ядрону анньыыга Арассыыйа рекордун олохтоон, бэйэтин аатын-суолун чэпчэки атлетика историятыгар киллэрдэ. Онуоха кини норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарын нуорматын толордо, диэн СИА кэпсиир.
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата опорнай-хамсыыр аппарааттарын эчэтиилээх дьон икки ардыларыгар чэпчэки атлетикаҕа дойду кубогар уонна Саранскайга ситиһиилээхтик кытынна. Хамаанда түөрт кыһыл көмүс мэтээли ситистэ.
Ядрону анньыыга Виктория Петрова Арассыыйа кубогын хаһаайкатынан эрэ буолбакка, дойду рейтинигэр 10,04 см түмүктээх рекорд олохтоото. Инньэ гынан, Петрова бүтүн аан дойду үрдүнэн иккис көрдөрүүлээх буолан норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастарын нормативын толордо. Бу туһунан сүүмэрдэммит хамаанда тренерэ Василий Поленов иһитиннэрдэ.
Бу спорт көрүҥэр нормативы толорон, Айаал Сивцев уонна Василиса Иванова кыһыл көмүс мэтээл хаһаайыннарынан буоллулар. Уһуну ыстаныыга Саргылан Семенов үрүҥ көмүс мэтээли уонна, 1,5 км сүүрүүгэ Никифор Анисимов ылла.