Чурапчылар өрөспүүбүлүкэтээҕи чөмпүйэнээккэ үрдүк ситиһиилэннилэр.
Бу өрөбүллэргэ Дьокуускай куоракка чэпчэки атлетикаҕа СӨ чөмпүйэнээтэ Триумф спорт уораҕайыгар икки күн устата ыытылынна. Манна 12 улуустан уонна куораттартан барыта 176 спортсмен кыттыыны ылла.
Чурапчы улууһун сүүрүүгэ федерацията, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт института бииргэ улэлэһэн бу күрэххэ улуус сүүрүүктэрэ олус үрдүк ситиһиилэри көрдөрдүлэр.
Ол курдук, бэтэрээн дьахталларга Болтоҥоттон Ульяна Слепцова 1500 уонна 3000 миэтэрэҕэ бастаан икки күннээх күрэх түмүгүнэн муҥутуур кыайыылаах буолла.
Бюлтясова Саргылана 3000 м – 3 миэстэ, 1500м — 2 миэстэ, Филиппов Василий 800м — 3 миэстэ, Дыдаев Илья 200 м — 1м., 60 м — 3 миэстэ, Макаров Дмитрий үстэ ыстаныыга — 3 миэстэ, Кобелькова Валерия — 200 м 3 миэстэ,
Эстафета 1 миэстэ, Белолюбская Милена 400 м — 1 миэстэ.
Эстафета 1 миэстэ, Михайлов Эрхан — 800 м 2 миэстэ, Чичигинарова Вера — ядро бырагыытыгар 1 миэстэ, Дьячковская Вероника — Эстафета 1 миэстэни ыллылар.
Оттон дьахталлар уонна бэтэрээн дьахталлар эстафеталарыгар Чурапчы сүүрүүктэрэ эмиэ иннилэрин кимиэхэ да биэрбэтилэр, суруйда @nvk_sakha
This post was published on 15.01.2024 14:01 14:01