Арчы дьиэтин иһинэн үлэлиир «Чэгиэн» хомусчуттар ансаамбыллара «по Великому чайному пути» этнофестиваль чэрчитинэн «Юрта Дружбы: Живое наследие» марафоҥҥа кытыннылар.
Бу тэрээһини көҕүлээччилэринэн уонна салайааччыларынан фольклорист уонна «Северный колорит» айар холбоһук салайааччыта Варвара Обоюкова уонна географическай наука кандидата «Юрта Дружбы» креативнай евразийскай стандарт ааптара Рашид Каскырбай буолаллар.
«Чэгиэн» ансаамбыл кыттыылаахтара хомуһунан араас айымньылары таһаараннар, өрөспүүбүлүкэ эрэ иһигэр буолбакка, тас өттүгэр эмиэ саха төрүт муусукатын тарҕатааччылартан биирдэстэрэ буолаллар.
Кинилэр быйылгы биэс сыллаах үбүлүөйдэригэр бэйэлэрин айар үлэлэрин көрдөрөр сыаллаах Хотугу Кавказ регионнарынан сылдьан кэллилэр. Ол курдук Петрозаводск, Железноводск, Ессентуки, Кисловодск, Элиста куораттарга, Карачаево-Черкессия, Кабардино-Балкария, Калмыкия, Чечня өрөспүүбүлүкэлэригэр сырыттылар, Эльбрус хайа чыпчаалын эмиэ дабайдылар.
Ансаамбыл салайааччытынан Ульяна Захарова буолар. Кини бу сырыыларыгар анаан анал бырагыраама таҥан, дойду атын регионнарын олохтоохторун дьүүлүгэр таһааран, үгүс дьон-сэргэ махталын, сэҥээриитин ыллылар.
Бырайыак сыалын-соругун туһунан чопчулаан этэр буоллахха, «Чэгиэннэр» саха төрүт хомуһунан сыыйа тардыыттан саҕалаан билиҥҥи кэмҥэ тэтимнээх охсуу ньымаларын толордулар, уопуттарын атастастылар. Хотугу эргимтэҕэ олорор түүр тыллаах сахалар муусукаларын дьоҥҥо тарҕатар, үйэтитэр уонна кэлэр кэнэҕэски ыччакка холобур буолар соруктаах сырыттылар.
Маныаха даҕатан эттэххэ, ансаамбыл кыттыылаахтарын таһымнарын үрдэтэргэ араас сылларга хомуһу өрө туппут үрдүк таһымнаах бэйэбит испэсэлиистэрбит Альбина Дегтярева, Дархан, Георгий Слепцов-Чаҕылҕан, Сахаайа Нохсорова, Наталья Заровняева уо.д.а. үлэлэспиттэрэ.
«Чэгиэҥҥэ» араас эйгэҕэ үлэлиир дьон түмсэн дьарыктаналлар. Кинилэр саҥаны айартан толлон турбакка, сылтан-сыл таһымнара үрдээн, репертуардара кэҥээн иһэрэ кэрэхсэбиллээх.
Ааптар: Анфиса Слепцова, Санкт-Петербург к.
This post was published on 19.06.2024 12:01 12:01