«Чэгиэн» түмсүү Уус Алдан улууһун айылҕатын харыстыырга ыҥырар

«Айылҕа кэрэтин дьиктитин таптала – аан дойду олоҕун, илгэтин тутула» диэн Гурий Турантаев-Бороҕон оҕонньор эппит бэргэн тыллара «Чэгиэн» түмсүү сирдьитэ буолар.

Мүрү нэһилиэгэр 2022 сылтан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын иһинэн «Чэгиэн» түмсүү тэриллэн, утумнаахтык үлэлиир. Бу түмсүүгэ бастаан айылҕаны кытта ыкса алтыһар, эмтээх оту хомуйар, сүбэ-ама бэрсэр сыаллаах арыллыбыта. Кэлин түмсүү ис хоһоонун суолтата дириҥээн, айылҕаны харыстыырга санааларын уураллар, күүстэрин түмэллэр.

Билигин түмсүүгэ араас эйгэттэн 30-тан тахса киһи сылдьар. Түмсүү салайааччыта Александра Черкашина  маннык билиһиннэрэр:

– Сахалыы сиэри-туому билэр, үөрэтэр, айылҕаны кытта алтыһар, доруобуйаны чэбигирдэр, улууспут, республикабыт ытык сирдэринэн сылдьан, биллэр дьоннорун кытта билсиһэр-көрсүһэр сыаллаах-соруктаах түмсэбит. Ону таһынан улууспутугар ыытыллар акцияларга, тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттабыт. Хомойуох иһин, айылҕаҕа сынньана, кини кэрэ көстүүтүнэн дуоһуйа тахсан баран, кэннилэриттэн хомуйан-ыраастаан испэт дьон баарыттан бөх-сыыс ыһыллыбытын көрө сылдьан, ону утары бэйэбит холобурбутунан дьон айылҕаны, олорор сирин хомуна сылдьарыгар өйдөтүү ыытарга кыһаллабыт. «Айылҕаны ырааһырдыыга» диэн ыҥырыы видео тарҕаттыбыт.

«Чэгиэн» түмсүү ааспыт өрөбүллэргэ Майаҕатта сыырын уонна Быйды алааһы ыраастаан, видеоҕа устан улуус олохтоохторугар ыҥырыы таһаарбыттара.

Ааптар: Мария Аргунова | мюрюгазета.рф

This post was published on 15.05.2024 15:01 15:01