Балаҕан ыйын 22 күнүгэр Уус Алдан улууһун Чараҥ с. «Умнуллубат ааспыт кэм» кэрэ-бэлиэ тэрээһин буолла. Тэрээһин сэбиэскэй литэрэтиирэни төрүттээччи, суруйааччы Былатыан Ойуунускай Чараҥ с. күһүҥҥү Ыһыахха кэлэн кыттыбыта уонна тыл эппитэ 80 сылыгар ананна.
Ол эбэтэр, 1936 с. балаҕан ыйын 11-13 күннэригэр Уус Алдан оройуонун киинигэр Тойон Мүрүгэ ССРС саҥа Төрүт сокуонун бырайыагын норуот бүттүүн дьүүлүгэр таһаарар, сайыҥҥы үлэ түмүктэрин көрүнэр, саҥа соруктары туруорунар спортивнай оонньуулаах, Саха национальнай тыйаатырын артыыстара кыттыылаах үс күннээх Ыһыах ыытыллыбыта лоп курдук 80 сылын туолла.
Тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан норуодунай бэйээт, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин, СӨ норуоттар дьыалаларыгар уонна федеративнай сыһыаннаһыыларга департамент салайааччытынан үлэлээбит Афанасий Мигалкин, бэйээт, Б.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ уонна Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин «Алаш» литературнай бириэмийэтин лауреата Николай Винокуров-Урсун, «Чолбон» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Данил Макеев, Саха сиринээҕи художественнай музей архыыбын фондатын үлэһитэ Ефросинья Ноговицына, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Надежда Егорова кытыннылар.
Үөрүүлээх миитиҥҥэ Уус Алдан баһылыгын солбуйааччы Михаил Борисов, Чараҥ с. баһылыга Василий Бурцев, култуура улуустааҕы управлениетын салайааччы Иннокентий Аммосов кытыннылар. 80 сыл анараа өттүгэр Б.Ойуунускай тыл эппит трибунатыттан И.Мигалкин, М.Борисов, В.Бурцев мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр.
Иван Мигалкин: «Улуу Ойуунускай эппит тылларын сүрэхпитигэр-быарбытыгар иҥэринэн, бүгүн манна кэлэн турабыт. Олоҕу күөдьүппүт, саха норуотугар сырдыгы ыспыт дьон биһиги сүрэхпитигэр умнуллубат», – диэн 20 сыллааҕыта Ойуунускай пааматынньыгын аттыгар олорон суруйбут хоһоонун аахта.
Оччотооҕу Ыһыахха анаммыт пааматынньыкка ыалдьыттар уонна пионердар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Чараҥ орто оскуолатын уолаттарын бөлөҕө «Улуу ыһыах» ырыаны толордо. Уһун Күөлтэн кэлбит кыһыл хаалтыстаах 9 пионер оччолорго баһаатайынан үлэлээбит Василий Мигалкин оҥотторбут «Ойуунускай сулуһугар» горн, барабаан тыаһыгар оонньоон, күүрээннээх кэмнэри санаттылар. Хатыҥнаах чараҥ киэҥ-куоҥ нэлээнэтигэр элбэх тэрээһин тэҥинэн ыытылынна. Ол курдук, «Тыыннаах хартыынаҕа», кэнсиэркэ уонна литературнай дьүһүйүүгэ Чараҥ оскуолатын үөрэнээччилэрэ, «Дьолун» фольклор ансаамбыл, Антонина Бурцева салайар кылааһын оҕолоро, Мүрүтээҕи «Уолан» гимназия уолаттара, «Саһарҕа» үҥкүү бөлөҕө уо.д.а. кытыннылар. Олоҥхоһут Михаил Дмитриевич Охлопков—Моотой аһаҕас халлааҥҥа олоҥхолоото.
Быыстапкаларга Ойуунускай кыттыылаах Ыһыаҕы сырдаппыт хаһыаттар матырыйаалларын, музей фондатыгар хараллан сытар историческай хаартыскалары туруордулар. Оборуона быыстапката биир дьоһун миэстэни ылла. «Ворошиловскай стрелок» ытыыга күрэххэ оскуола оҕолоро көхтөөхтүк кытыннылар. Тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥката тэрилиннэ.
Эбиэт кэнниттэн В.А.Протодьяконов-Кулантай аатынан литературнай музейга ыытыллыбыт «төгүрүк остуолга» Е.Ноговицына худуоһунньук Петр Романов фондатыттан хаартыскалары слайдаҕа көрдөрдө. Улуус олохтоохторо, ытык дьоно Александра Готовцева, Павел Окоемов, Мария Иванова, Елена Сыроватская, Дмитрий Курилкин Ыһыахха кыттыбыт аймахтарын, чугас дьоннорун ахтан-санаан аастылар. Онтон 80 сааһын ааспыт, бу ыһыахха 8 саастааҕар эһэтин кытта сылдьыбыт Марфа Заровняева Ыһыах умнуллубат түгэннэрин кэпсээтэ.
Н.Винокуров-Урсун бэйэтин этиитигэр Б.Ойуунускай тас көрүҥүн бэйээт Тааттатааҕы сыдьааннарын, ахмахтарын тас көстүүлэригэр дьүөрэлии тутан ойуулаата. Ону тэҥэ Ойуунускайы кытта биир кэмҥэ алтыспыт суруйааччылар олохторуттан киэҥ ааҕааччыга биллэ илик кэккэ түгэннэри аҕынна. Түмүгэр: «Ойуунускай сылдьыбыт сирэ элбэх. Ол гынан баран, эһиги 80 сыл кэнниттэн кини Ыһыахха кыттыбытын анаан-минээн бэлиэтииргит хайҕаллаах суол», – диэн тэрээһин салайааччыларыгар, кыттыылаахтарыгар уонна Чараҥ с. олохтоохторугар махтанна. Кэнники сылларга тахсыбыт кинигэлэрин Кулантан аатынан музей-комплекска бэлэх уунна.
Афанасий Мигалкин этнография докумуоннара кэрэһэлииллэринэн, сахаларга күһүҥҥү ыһыахтар ыытыллан ааһалларын санатта. Ойуунускай чулуу айымньыларыгар тус санааларын үллэһиннэ. Музейга анаан Святитель Иннокентий 7 туомнаах кинигэтин бэлэхтээтэ. Данил Макеев 1993-2002 сс. тахса сылдьыбыт «Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ» хаһыат таһаарыыларын музейга туттарда.
Киэҥ хабааннаах, дириҥ суолталаах тэрээһин олоҥхоһут Семен Черноградскай, Таня Лугинова олоҥхолорунан түмүктэннэ.
«Умнуллубат ааспыт кэми» музей-комплекс дириэктэрэ Зоя Мигалкина көҕүлээн уонна салайан ыытта.
Ыспыраапка:
Бу Ыһыахха бастакы көлүөнэ улахан суруйааччылар С.Кулачиков-Эллэй, В.Новиков-Күннүк Уурастыырап, Н.Мординов-Амма Аччыгыйа, А.Кудрин-Абаҕыыныскай ыалдьыттаабыттара. Ону сэргэ саха дьахталларыттан бастакынан «Бочуот знага» уордьанынан наҕараадаламмыт чулуу ыанньыксыт Ирина Олесова, Нуучча тыйаатырын сүрүн художнига, Саха сирин Худуоһунньуктарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Петр Романов, учуонай, судаарыстыбаннай деятель А.И.Новгородов кыттыбыттара.
П.Ойуунускай саха норуота үүнэр-сайдар кэскилэ киэҥин ыйан туран, «Очуос таас уоттара» хоһоонун аахпыта.
This post was published on 27.09.2016 11:11 11:11