22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

“Чараҥ” вокальнай ансаамбыл 10 сылын бэлиэтиир

13:47, 17 июля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

 Саха сирин киин куоратыгар Дьокуускайга, «Арчы» дьиэтин иһинэн тэриллэн, ыллыыр-туойар «Чараҥ» ансаамбыл быйыл 10 сыллаах үбүлүөйүн «Сэргэлээх уоттара» Култуура киинигэр бэртээхэй кэнсиэринэн, айар быыстапканан  уонна Болгарияҕа фольклор фестивалыгар чаҕылхай ситиһиилээх кыттыынан бэлиэтээтэ.

Бу сыллар усталарыгар ансаамбыл бэйэтин кыаҕынан куорат араас тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттан, өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкурустарын дипломанынан, лауреатынан буолбута. Түөрт төгүл  аан дойдутааҕы (Болгарияҕа, Италияҕа, «Алтын Майдан-2014”) фольклор фестивалларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыта, «Золотой Орфей» үрдүк наҕараада хаһаайынын дьоһуннаах аатын ылбыта.

Ити ситиһиилэр, биллэн турар, үгүс сыраттан, үлэттэн кэлэллэр. Бу салайааччыларбыт — СӨ култууратын үтүөлээх улэһитэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна В.Г.Иванов кэргэнинээн, ССРС култууратын туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката Ефросинья Михайловналыын сурэхтэрин- быардарын ууран үлэлээһиннэрин үтүө түмүгэ. Кэлэктиип биир тыынынан, бигэ ситиминэн, өйдөһүүнэн олороро онуоха бигэ тирэх буолар. Ансаамбыл айар үлэтин 10 сылын «Чараҥым суугуна» кинигэнэн эмиэ бэлиэтиир.

Биир саамай суолталаах түгэнинэн, 10 сыллаах үбүлүөйдэригэр  бэлэх курдук, Европа Фольклорун чөмпүйэнээтигэр ыҥырыы туппуттара буолар. Аан бастаан 2011 с. бу фестивалга кыттыыны ылан, лауреат уонна «Золотой Орфей» үрдүк наҕараадатын ылан кэлбиттэрэ.

Онон ыҥырыыны үөрэ-көтө ылынан, бэлэмнэниини эрдэттэн саҕалаабыттара. СӨ норуодунай артыыһа Дмитрий Артемьев бэлэмнэниилэригэр күүс-көмө буолан, сүбэ-ама биэрэн, сүргэлэрин көтөхпүтэ улахан оруоллаах. Айаҥҥа баралларыгар Борис Николаевич Михайлов  алҕаан, кытыйа, дүҥүр уларсан, ыраах айаҥҥа үөрэ-көтө туруммуттара. Ыам ыйын 6 күнүгэр  Москва — Стамбул — София марсуруутунан көтөн,  Болгария сиригэр иккистээн үктэннилэр. Фестиваль Велико Тырново куоракка буолла. 13 араас дойдуттан 240 айар фольклор кэлэктииптэрэ, 4000 кыттааччы кэлбит. Элбэх кэлэктиип Болгарияттан бэйэтиттэн, ону таһынан Канадаттан, Эстонияттан, Грузияттан, Индонезияттан, Ирантан, Литваттан, Швецияттан, Словакияттан о.д.а. сирдэртэн кэлэн кыттыыны ыллылар. Арассыыйаттан, Саха сириттэн соҕотох биһиги эрэ ансаамбылбыт кытыыны ылбыта.

Фестиваль официальнай аһыллыытын Европа Фольклорнай фестивалларын Ассоциациятын Президенэ, фестиваль бэрэссэдээтэлэ Калоян Николов ыраах Саха сириттэн иккистээн кэлэн кыттыыны ылар биһиги кэлэктииппитин эҕэрдэлээһинтэн саҕалаабыта истэргэ кэрэтиэн! Үөрүүлээх аһыллыы параадыгар Арассыыйа  былааҕын, Саха сирин былааҕын сэргэ биһиги тутар чиэскэ тигистибит.

Маннык үрдүк таһымнаах фестивалга саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри  ытыс үрдүгэр сылдьыбыппытынан, тэрийээччилэр урут кыттыбыппытын өйдүү-саныы сылдьалларынан, сөҕө-махтайа, киэн тутта санаатыбыт. Аан дойдуга буола турар судургута суох балаһыанньа кэмигэр омук сирдэригэр сылдьыы уустуктардаах буолуон сөп курдуга да, хата, сылаас, киһилии сыһыан, ытыктабыл-убаастабыл эйгэтигэр сылдьан дууһалыын сынньанныбыт, туспа норуот буолан төрүт культурабытын үрдүктүк тутан, астынныбыт, киэн тутуннубут. Атын омуктартан  итэҕэһэ суох тэҥҥэ алтыһан, илиибитинэн — атахпытынан кэпсэтэн, өйдөһөн, доҕордоһон, араҕыстыбыт. Биһиги сахалыы таҥаспытын, киэргэлбитин, дүҥүрбүтүн, хомуспутун олус сөҕө-махтайа көрөллөр.

Фестивалга биэс кэнсиэргэ кытынныбыт, оһуохайга маастар кылаас ыыттыбыт. Дефилеҕэ киин болуоссакка көрөөччүлэр иннилэригэр иккитэ 2-3 мүнүүтэлээх бэйэни сүрэхтэниини оҥордубут, куорат баһылылыгар көрсүһүүгэ сырыттыбыт. Онон, барагыраама ыгым да соҕус буоллар, интэриэһинэй этэ.

Биэс нүөмэр (10 мүнүүтэлээх) ахсын бырагыраамабытын  уларыта сылдьан көрдөрдүбүт. Бастаан «Саргы буоллун сахаттан!» фольклорнай дьүһүйүүбүтүн көрдөрдүбүт. Онтон, биир дьүүллүүр сүбэ иннигэр киирэн тура-тура биири көрдөрдөхпүтүнэ сатаныа суоҕун өйдөөн, атын нүөмэрдэрбитин сөргүттүбүт. Саҥа салама оҥостон, «Саламалаах үҥкүүбүтүн» репетициялыы охсон киллэрэн, онно эбии сахалыы ырыаларбытын эбэн, син аттаран фольклорбутун көрдөрдүбүт. Манна, хата, салайааччыбыт Валерий Герасимович баянын илдьэ барбыта туһалаата.

Ити курдук, «Чараҥ» ансаамбылтан 10 буолан  сырыттыбыт. Хас биирдиибит туохха барытыгар бэрт көхтөөхтүк кытынна. Ол да иһин, фестиваль 4000 кыттаааччытын ортотугар симэлийэн хаалбакка, бэлиэтик сырыттыбыт. Ону биир маннык түгэн туоһулуур: бастакы нүөмэр кэнниттэн киэһээҥҥи аһылыкка эрэстэрээммитигэр кэнсиэртиир көстүүммүтүнэн киирэн кэлбиппитигэр, эрдэ кэлбит фестиваль кыттыылаахтара, биһигини, остуолбутугар тиийэн олоруохпутугар диэри, сүһүөхтэригэр туран эрэ дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлии көрсүбүттэрэ долгутуулааҕыан! Ама итинник түгэни умнуоҥ дуо?!

Европа фольклорун чөмпүйэнээтин, XXII Старопланинскай Собор «Балкан фольклор» фестивалларын лауреаттара буолан, бэйэбит “А” бөлөхпүтүгэр Гран При, Кыһыл көмүс мэтээл  ылан кыайыы көтөллөөх дойдубутугар эргиллэн кэллибит. Дьоммут-сэргэбит, доҕотторбут сибэкки дьөрбөлөөх, алаадьынан айах тутан аэропортка көрсөн, ахтыбыт санаабытын өссө уйадыттылар, кыайыыбыт кынатын өссө бөҕөргөттүлэр.

   Эргиллэн кэлбиппит номнуо ыйтан ордубут. Кэлээт да сирдээҕи түбүкпүт саҕаланнаҕа ол: оҕуруот олордуута, дьиэ үлэтэ, сиэннэри көрүү. Оттон бу айаммытын-сырыыбытын билигин, хайдах эрэ, олус үчүгэй, истиҥ-кэрэ түүл курдук ахтабыт-саныыбыт…

Лидия ПЕТРОВА, СӨ үтүөлээх учуутала,

«Чараҥ» ансаамбыл ыстаарастата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА