В.Н Мигалкин аатынан Чараҥ орто оскуолата үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэр сыалтан, быйылгыттан саҕалаан «Тыл үөрэҕин сайыннарар, үөрэтэр» анал бырайыак ылынан үлэтин саҕалаата. Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Дьокуускайтан «Востоковед – Аан дойду норуоттар икки ардыларынааҕы үөрэхтээһин киинэ» десант олохтоох үөрэх тэрилтэтигэр үлэлээтэ.
Чараҥ оскуолатыгар илиҥҥи омук тыллырын үөрэтэр киин дириэктэрэ Мария Егоровна Пудова салайааччылаах, барыта биэс преподаватель, кэлэн бэйэлэрин үлэлэрин сырдатан, опыттарын тарҕаттылар. Кинилэр оҕолорго илиҥҥи омук тылларын культуратын, суругун-бичигин билиһиннэрэн, үөрэттилэр. Ол курдук, Китай тылын преподавателэ Екатерина Алексеевна Осипова суругу-бичиги үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр үөрэттэ. Японскай тыл преподавателэ Мария Егоровна Пудова тылы үөрэтии таһынан, кумааҕынан «Оригами» оҥорорго маастар-кылаас көрдөрдө. Корейскай тылга Карина Нурдиновна Тулемушева үөрэттэ. Ону таһынан үгэс буолбут национальнай астарын-үөллэрин билиһиннэрдэ. Английскай тыл уратытын 13 сылтан ордук педстажтаах преподаватель, кэнники 4 сылларга Москва куоракка «Bridge to English» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы кииҥҥэ үлэлиир Феня Николаевна Казаку кэпсээтэ. Кини үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр хайдах саҥарарга-иҥэрэргэ, кэпсэтии жанрыгар, «Образование в разных странах» диэн олус интэриэһинэй уруок ыытан үөрэттэ. Ону таһына 3-4 кылаас оҕолоругар эмиэ тылга үөрэтэн, эбии саҥаны-сонуну билэн оҕолорбут элбэххэ үөрэннилэр. Соҕуруулуу-Илиҥҥи Федеральнай Университет «Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна дойдуларын үөрэтэр кафедра» старшай преподавателэ Анна Андреевна Васильева 9- 11 кылаас үөрэнээччилэригэр, оскуола учууталларыгар, төрөппүттэргэ Научнай чинчийэр үлэнэн дьарыктанарга, чинчийэр үлэни хайдах оҥорорго, суруйарга, үлэлэһэргэ бэйэтин сүбэтин, опытын тарҕатан олус туһалаах лекцияны ыытта.
Үөрэнээччилэр, учууталлар бу буолбут тэрээһинтэн бэйэлэригэр элбэх саҥаны иҥэринэн, үөрэнэн, билиилэрин хаҥатан, интэриэстэрэ кэҥээн, дьиэлэригэр элбэх сонуннаах, саҥа көрүүлээх, интэриэстээх бардылар. Ол туһунан биһиги оҕолорбут санаалара.
Скрыбыкина Марианна, 9 кылаас үөрэнээччитэ:
— Балаҕан ыйын 28 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар МОЦ «Десант Востоковедов» кэлэн бардылар. Кинилэр биһиэхэ японскай, английскай, китайскай уонна корейскай тылга үөрэттилэр. Мин бэйэм баҕабынан корейскай тылга суруйтаран үөрэнним. Наһаа элбэҕи бэйэбэр иҥэринним. Ол курдук, корейскай алфавиты уонна тылларын биллим. Ол түмүгүнэн, сатаан ааҕар буоллум. Наһаа үчүгэйдик кэлэн биһигини элбэххэ үөрэтэн барбыттарыгар махтанабыт.
Алексеева Алиса, 9 кылаас үөрэнээччитэ:
— Биһиги бу тэрээһинтэн элбэх саҥаны, сонуну биллибит, үөрэттибит. Мин корейскай тылга интэриэһиргээн үөрэнним. Биһигини Карина Нурдиновна Тулемушева үөрэппитэ. Корея тылын, букватын үөрэтэн ааҕар буоллубут. К-ПОП культуратын, музыкаларын уонна астарын туһунан элбэҕи биллибит.
Бурцева Диана, 5 кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин корейскай тылга үөрэнним. Элбэх корейскай саҥа тыллары биллим, Корея дойдутун культуратын туһунан элбэх саҥаны иһиттим. Уруокпут бүтэһигэр оонньуу күрэх буолбута. Мин ол күрэххэ кыайаммын, ыалдьыттарбытыттан Кореяттан аҕалбыт бэлэхтэрин тутан наһаа үөрдүм. Олус интэриэһинэй тэрээһин буолбутуттан наһаа үөрдүбүт.
Находкин Олег, 9 кылаас үөрэнээччитэ:
— Биһиги оскуолабытыгар Дьокуускай куораттан «Десант Востоковедов» кэлэн барбыттарыгар олуһун диэн махтанабыт. Мин бэйэм японскай тылы интэриэһиргээн сөбүлээн үөрэттим. Каллиграфияҕа дьарыктанным, хас биирдии иероглиф суолтатын биллим, киһини наһаа интэриэһиргэтэр уруоктар буоллулар. Кумааҕынан туруйа оҥорон көрдүбүт, чинчийэр үлэни хайдах оҥорорго элбэх сүбэни иһиттибит, билбэппитин биллибит. Куһаҕана диэн биир эрэ күҥҥэ бириэмэ наһаа кылгас, биһиги бары наһаа сөбүлээтибит, интэриэһиргээтибит, наһаа үчүгэй үөрэхтээһин буолан ааста. Өссө биирдэ преподавателлэргэ махтанабын уонна кэлин өссө биирдэ кэлэн бараллара буоллар, 2-3 күн иҥин диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
«Оскуола директора Игорь Григорьевич Сивцевка оҕолорбут инникилэрэ сайдыылаах, киэҥ билиилээх, олоххо көхтөөх буолалларыгар, сөптөөх идэни талынан сөбүлүүр үөрэхтэригэр киирэллэрин туһугар үлэлэһэн, кэпсэтэн эбии үөрэхтээһини тэрийбитигэр уонна Дьокуускай куораттан МОЦ «Востоковедов» десанынан үөрэтэ кэлбит преподавателлэрбитигэр, чуолаан үөрэхтээһин киинин директорыгар Мария Егоровна Пудоваҕа үөрэнээччилэр, төрөппүттэр уонна Чараҥ орто оскуолатын коллективын аатыттан муҥура суох дириҥ махталбытын тиэрдэбит«, — диэн Чараҥ оскуолатын кэлэктиибэ санаатын тириэрдэр.
Ааптар: Ноговицына Алина Алексеевна, начаалынай кылаас учуутала
This post was published on 04.10.2019 15:57 15:57