Чаппанда суолун "Автодор Амма суоллара" тэрилтэ оҥордо

Саха сиригэр сэлиэнньэлэр сирдэригэр-уоттарыгар үлэлиир бөдөҥ тэрилтэлэр олохтоох суолталаах боппуруостары быһаарыыга көмөнү оҥоруулара — баар быраактыка. Ньурба улууһун Чаппанда суолун «Автодор Амма суоллара» оҥордо.

«Бүлүү» федеральнай суол аспааллааһыныгар үлэлии сылдьар «Автодор Амма суоллара» Чаппанда нэһилиэгин салалтатын кэпсэтиитинэн, босхо төрүккэ олоҕуран, шефтии көмөнү оҥордулар.
Чаппандаҕа 500 м усталаах Киров уулуссата буорунан кутуллан тэҥнэннэ.

«Автодор Амма суоллара» грейдериһэ Уйгулаан Николаев нэдиэлэ кэриҥэ үлэлээтэ. Кини Хорулаттан төрүттээх, сааһа 21-рэ. Бастаан экскаваторщиктаабыт, онтон кэлин грейдэргэ үлэлиир. Суолу оҥорор тэрилтэҕэ үлэлээбитэ 4-с сыла, суруйда Геннадий Антонов.

Санатар эбит буоллахха, Дьаархаҥҥа Марха өрүскэ муоста тутар «Сибмост» тэрилтэ биригээдэтин вахтовай бөһүөлэгэ баар эрдэҕинэ, нэһилиэк салалтатын кэпсэтиитинэн, муоста тутааччылар эмиэ көмөлөспүтэ элбэх.

This post was published on 15.09.2021 13:01 13:01