25 Сэтинньи 25.11
  • -20°
  • $ 102,58
  • 107,43

Чакиттан куттанар кыыс Айыы Умсуур удаҕаны кыталыкка кубулуппута

16:51, 29 апреля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чурапчы улууһун Төлөй нэһилиэгэр олорор эдэр ийэ Изабелла Кузьмина 2015 сылтан куукула оҥоруутунан үлүһүйбүтэ. Күн бүгүн кини оҥоһуктара өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, аан дойду үрдүнэн биллэллэр. «Хас биирдии уобарастан сылаас тыын кэлэр», — диир талааннаах кыыс.


Изабелла олус үлэһит дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Дьонун кэпсээннэринэн ийэтин хос эһэтэ улахан уус үһү. Аҕата Степан Алексеевич Горохов олоҕун улахан аҥарын үүт собуотугар анаабыта, билигин сүөһү-сылгы иитэр, итиэннэ хортуоппуй олордор чааһынай урбаанньыт. Ийэтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ороссолуодатыттан төрүттээх Татьяна Ильинична Игнатьевна сааһын тухары култуураҕа техүлэһиттээн баран, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Оҕо сааһа Үөһээ Дьааҥы оройуонун Боронук нэһилиэгэр ааспыта, оскуоланы онно түмүктүүр. Кэлин улаатан, оҕо көрөн олорор кэмигэр куукуланы оҥоруу кини эйгэтинэн буолар. «Төһө кыалларынан оҥорор куукулабар эмоциятын табан биэрэ сатыыбын, сүрүн сыалым-соругум ол буолар. Куукулаҕа ис туругун, майгытын-сигилитин, быһыытын биэрэн көрөөччүгэ тиэрдэргэ дьулуһабын», – диир.

Кини олоҕо – оҥорон таһаарбыт куукулалара буолаллар: бэйэтин курдук чаҕылхай, арылхай, сиэдэрэй.

Аан бастакы оҥоһугум Айыы Умсуур удаҕан кыталыкка кубулуйан эрэр түгэнэ буолар. Ол ону 2015 сыллаахха кыра уолбун оҕолонон көрө олорон оҥорбутум. Онно салгыҥҥа куурар пластигы туһаммытым. Куукуланы үчүгэй настырыанньалаах олорон оҥорор ордук. Куһаҕан настырыанньалаах сылдьан хаһан даҕаны оҥоһуктарбар чугаһаабаппын, оннук санаа үөскээбэт. Оҥоро сатаатахпына даҕаны хаһан да табыллааччыта суох. Оччоҕуна хайа эрэ кэмҥэ ууран кэбиһэбин, “Муза Петровна” хаһан ыалдьыттыар диэри ол оннук сыталлар… (күлэр).

Билигин Изабелла Кузьмина оҥоһуктарын нэһилиэккэ, улууска ыытыллар улахан таһымнаах тэрээһин быыстапкаларыгар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ элбэхтэ көрүөххэ сөп. Ол курдук бастакы анал быыстапката 2018 сыллаахха “Ай” норуодунай устуудьуйа көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ быыстапкаларыгар 2015 сылтан ыла кыттар. Сорох оҥоһуктара билигин даҕаны Дьокуускай Былыргы куоратыгар, Аан дойду куукулаларын биир сиргэ түмэр “Симэх” галареятыгар көрүүгэ тураллар. 2016 сыллаахха “Күөх Боллох” куукулата Мария Шишигина көмөтүнэн Исландияҕа ыытыллыбыт быыстапкаҕа кыттыбыта. Ити кэнниттэн 2017 сыллаахха “Байанай”, “Күөх Боллох” оҥоһуктары эдьиийэ Сахаяна Николаева, Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин Пекин куоратыгар “Жемчужина Востока” быыстапкаҕа кытыннаран, 1-кы истиэпэннээх лауреат буолары ситиспитэ. Кэлин 2018 сыллаахха Москуба куоракка ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа, Саха сириттэн Каролина Парфенова, ол кэмҥэ Питерга олорор Хаарчаана уонна Изабелла үһүө буолан кыттыбыттара. 2018 СӨ илиинэн оҥоһуу маастарын аатын ылбыта.

Тыһыынчанан араас куукула оҥоһуллар ньымаларын, тиэхиньикэлэрин киһи ааҕан кыайан сиппэт буолар эбит. Киһи хараҕа ол онно тута арыллар. Ааптардары бэйэлэрин кытары кэпсэтэн, тугун-хайдаҕын сиһилии туоһулаһан, бэйэбит билиибитин эбии хаҥатан кэлбиппит. Куукулаларбын оҥоро олорон кэпсэтээччибин (үөрэр). Хайдах эрэ оҕолорум курдук саныыбын. Ардыгар дьон: “Түүн тиллэн кэлэн хаамсыахтара диэн куттаммаккын дуо?– диэн ыйытааччылар. Кыра эрдэхпитинэ, тэлэбиисэргэ “Чаки” диэн кутталлаах киинэ көстөрө, дьиҥэр ол куукулаттан олус куттанааччыбын, кэлиҥҥи диэри санаатым эрэ этим тардар этэ. Оттон билигин бэйэм оҥоһуктарбыттан олох куттаммаппын, тоҕо диэтэр санаабар сылаас тыыннаах курдуктар. Сирэйдэрин оҥорорбор, сүрүн моһуонун таһааран баран, чочуйарым саҕана, интэриниэккэ ккэ дьон сирэйин мыччыстыытын, кулгааҕын быһыытын, хараҕын олоруутун көрөн олорон үтүктээччибин. Ол эрэн дьон этэринэн, оҥоһуктарым миигин тулалыыр чугас дьонум эбэтэр бэйэбэр майгынныыр буолан тахсаллар үһү.

Кэлин аны дьону одуулуур идэлэммиппин: сирэй мыччыстыыта итинэн кэлэн бу маннык барар эбит, киһи сирэйин уҥуоҕа мантан-маныаха диэри, мунна мантан саҕаланар, эр киһи, дьахтар сирэйдэрин быһыытын, оҕо киэнин уратытын ааһа баран оҕо эрдэҕиттэн улаатан, устунан хайдах сааһырбытын үөрэтэ сатыыр, көрөр буолбут эбиппин. Ону таһынан кырдьаҕас киһини, бу кини эдэр сылдьан хайдах дьүһүннээҕэ буолуой диэн наар толкуйдуубун.

Бэйэм толкуйдуурбунан куукула оҥоһуллан бүтээт, сороҕор оҥоһулла сылдьар кэмигэр тыыннаах курдук буолар. Хас биирдиилэриттэн, киһи киһиттэн уратытын курдук, ураты энергетикэ, сылаас тыын кэлэр. Онон кинилэри тыыннаахтар да диэххэ сөп. Ити эрээри дьиҥнээхтии хамсаан кэлэн, дьон курдук олох оҥостубаттара чуолкай.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА