Чайаҥдатааҕы ньиэп-гаас баайдаах сири «Сибиир күүһүгэр» холбоотулар

НВК САХА – Чайаҥдатааҕы ньиэп-гаас баайдаах сири “Сибиир күүһэ” магистральнай гаас утаҕар холбоотулар. Бу туһунан Интерфакс иһитиннэрдэ.


Ньиэп-гаас баайдаах сиргэ “Сибиир күүһүн” гааһынан толорорго бэлэмнэнэллэр. Бу үлэ Кытайга “илиҥҥи” хайысханан гааһы тиэрдии бырайыагынан ыытыллар.

“Билиҥҥи бириэмэҕэ Чайаҥдатааҕы ньиэп-гаас баайдаах сири “Сибиир күүһэ” гаас утаҕар холбуур үлэтэ түмүктэннэ”, – диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Ааҕыныстыба иһитиннэрэринэн, от ыйыгар гааһы бэлэмниир үһүс туруорууга гааһы биэрэн саҕалаабыттар. Бу мантан “Сибиир күүһэ” гаас утаҕар гаас тиэрдиллиэ.

Источник: http://nvk-online.ru

This post was published on 15.08.2019 16:57 16:57