«Забота Арчы» приюту 2000 с. Уус Алдан улууһун төрүт олохтооҕо Николай Яковлев бэйэтин баҕа өттүнэн арыйбыта. Олох ыар охсуутун тулуйбакка, эҥин-дьүһүн буолар кыахтаах дьоҥҥо көмөлөһөр үтүө санаалаах киһини биир дойдулаахтара өйөөбүттэрэ уонна кэмигэр көмөлөспүттэрэ. Ол курдук, улуус дьаһалтата Бороҕон сэлиэнньэтиттэн 28 биэрэстэ тэйиччи сытар Даркылаах диэн сири биэрбитэ. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин, наркология Дьокуускайдааҕы диспансерын уонна улуус дьаһалтатын өйөбүллэринэн 2 олорор дьиэни, баанньыгы, гарааһы, хотону уонна сибиинньэ дьиэтин туппуттара. Приют салалтата хара бастакыттан бэйэлэрин иитиллээччилэрин үлэнэн иитэр, уопсастыбаҕа сыһыарар соруктаах буолан, туспа хаһаайыстыбаны тэриммитэ. Бу хаһаайыстыбаларыгар күн бүгүҥҥэ диэри куруолук, сибиинньэ, куурусса, хаас, коза иитэллэр. Эр дьон оттук маһы бэлэмниир, сайын от үлэтигэр үөрэ-көтө сылдьар.
Николай Николаевич бу барыта ханнык да күүстээх эмтээҕэр быдан туһалааҕын, ол түмүгэр үгүстэрэ бэйэлэрин баҕаларынан арыгыттан эмтэниэхтэригэр итэҕэйэрэ. Ол да иһин, ыарахаттартан чаҕыйбакка, приют сүрүн соругун толорорго кыһаллан – көмөҕө, өйөбүлгэ наадыйан кэлбит киһи көнөр суолга үктэнэригэр, чөл олоҕу тутуһарыгар көмөлөһөр.
Олох ыарахан усулуобуйатыгар түбэспит, күөх моҕой кытаанах оборчотугар ылларбыт, түптээх үлэтэ, олорор дьиэтэ-уота суох дьоҥҥо анаммыт приют 2013 с. «Чагда» уопсастыбаннай тэрилтэ» диэн ааттаммыта.
«Үлэҥ түмүгэ көстүөҕэ»
Николай Яковлев:
— Мин үлэбин аан бастаан улууспар саҕалаабыт буоллахпына, кэнники 7-8 сылга өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үлэлээн кэллим. Бу кэм устата олох араас кыһалҕаларын тулуйбакка, арыгы дьаатыгар сөрөнөн, олохторун сүнньүн сүтэрбит дьону кытта үлэлээтим. Кэнники кэмҥэ наркотик араас көрүҥэр оҕустарбыттар да көстүтэлээн ааһаллар. Маны саха киһитэ улаханнык дьиксинэр түгэннэрин курдук көрөбүн. «Бу дьаат көрүҥэр оҕо аймаҕы сыһыарбат туһугар сэрэтэр үлэни өссө күүһүрдэн бииргэ үлэлиэҕиҥ!» – диэн куруук бар дьоммор этэ-тыына сылдьабын.
Мин үлэлээбитим тухары приютум иһинэн 300-н тахса киһи кэлэн ааста. Кинилэри олорор сирбит чэбдик салгыныгар дуоһуйа тыыннаран, бэйэм сахалыы өйүм-санам кыайарынан, тус олоҕум түгэннэрин кэпсээн, онно сыһыаннаах араас үлэни ыытан кэллим.
Арыгы, наркотик дьааттарыттан тэйэ сатыыр дьон миэхэ 2, 4, ардыгар 6 ый олорор кэмнэригэр, төһө кыайарбынан көмөлөһө сатыыбын, быстах үлэни булан биэрэбин. Наркология Дьокуускайдааҕы диспансерын кылаабынай бырааһа Петр Тумусовы кытары дуогабардаһан үлэлэспитим ыраатта. Маны сэргэ, наркотигы хонтуруоллуур Саха сирин управлениетын кытта үһүс сылын сөбүлэҥ түһэрсэн үлэлиибит. Управление начальнигын солбуйааччы, полиция подполковнига Марина Попова уонна эмиэ бу управление сүрүн отделын начальнига, полиция капитана Ольга Скрябина дууһаларын сылааһын ууран туран үлэлииллэр, сүбэлииллэр-амалыыллар.
Кэтээн көрүүлэрим:
– Мин иитиллэччилэрим курдук дьон иккилии-үстүү этээстээх дьиэлэргэ элбэх буолан, санаалара баран кыайан олорбот. Үстүү-түөртүү буолан олорор, бэйэлэрэ бас билэр дьиэлээхтэрэ буоллар, куруолук, коза, куурусса курдук түргэнник ситэр салаа кыылларын кинилэргэ анаан биэриэххэ сөп этэ. Оҕуруот аһын олордуунан дьарыктаныахтарын сөп. Ол иһин, кыра-кыра дьиэлэрдээх, хаһаайыстыбалаах олорор сири тэрийэ сатыыбын. Оччоҕуна көрөр-истэр киһиэхэ наадыйбакка, бэйэлэрэ бэйэлэрин дьаһанан олоруо этилэр. Онон, маннык тэринэн, дьон туһугар үлэлиир хаһаайыстыбалары ханнык эрэ бырагыраамаларга киллэрэн, үбүлээн көмөлөһөллөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Дойдубутугар арыгыга уонна араас наркотическай сүһүрдэр веществоларга ордук ыччаттарбытын, оҕолорбутун сөрүүр, иирдэр дьону кытта охсуһар сокуоммут олус сымнаҕас. Маннык дьоннору «норуот өстөөхтөрүн» курдук көрүөхтээхпит. Полиция үлэһиттэригэр ити чааһыгар боломуочуйаларын кэҥэтиэххэ баар этэ. Арыгыга, наркотик чэпчэки да көрүҥнэригэр оҕустаран баран, уопсастыбаҕа төннүөхтэрин баҕарбат дьону сиэри таһынан ньээҥкэлэспэккэ, үлэ лааҕырдарыгар ыытан, мөкү өйтөн-санааттан ыраастыахха наада. Оччоҕуна эрэ дьоммутун-сэргэбитин, оҕолорбутун итинник ыарахан дьаллыктан быыһыахпыт.
Орто дойду олоҕор бүдүрүйбүт дьону өйү-санааны чэбдигирдиинэн, үлэнэн, айылҕаны кытта алтыһыынан олоххо төнүннэрэр «Чагда» уопсастыбаннай тэрилтэ ханнык да кириисистэртэн иҥнибэккэ, өрөспүүбүлүкэҕэ арыгыны утары охсуһуу бэлиитикэтэ олоххо киллэриллэр кэмигэр сөптөөх өйөбүлү ылан, бар дьонугар абырал, харысхал буола турарыгар баҕара хаалабыт.