Чагда бөһүөлэгэр хас да дьиэни халаан уута ылла

Кэбээйи улууһун Чагда бөһүөлэгэр үрэхтэр ууларын киллэрэн уонна күүстээх ардах холбоһон уу таһыма эмискэ үрдээтэ. Хас да дьиэ ууга барда.


Ыам ыйын 2 күнүн туругунан, 11 ыал дьиэтигэр уу киирдэ, ол иһигэр алта ыал дьиэтэ толору ууга барда. Түөрт ыал уһаайбатын уу ылла.

Бу дьиэлэртэн 44 киһи, ол иһигэр 20 оҕо көһөрүлүннэ. 38 ынах сүөһү, 7 сылгы үрдүк сиргэ таһаарылынна.

Маны таһынан тоҕус ыал дьиэтигэр уу муосталарын анныгар киирэн турар, бу дьиэлэртэн эмиэ 36 киһи, онтон 13-һэ оҕо, чугас аймахтарынан, ыалларынан көһөрүлүннүлэр.

This post was published on 03.05.2016 08:40 08:40