Сэтинньи 17 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Арассыыйаҕа Уһуйаан уонна уһуйааччы, саха сиригэр Үлэ сылыгар аналлаах «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»- диэн сахалыы куттаах айар талааннаахтар мустан биир түһүлгэҕэ күөн көрүстүлэр.
Күөн-күрэспит дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээтилэр
1. Архипова Александра Саввична, «Юные якутяне» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай Киин үрдүкү категориялаах методиһа, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин уонна ыччат бэлиитикэтин туйгуна
2. Шишигина Любовь Егоровна – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна
3. Васильева Ларьяна Дмитриевна – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин исписэлииһэ.
6 улуустан 20 биирдиилээн толорооччу уонна 15 фольклорнай бөлөх кыттыылаах уопсайа 125 киһи кытынна.
Дьүүллүүр сүбэ түмүгэ:
🔷«Чобуо чабырҕахсыт» — Бурнашева Дайаана, Таатта улууһа. Салайааччы Петрова Парасковья Николаевна.
🔷«Кэскиллээх чабырҕахсыт» — Турантаева Оля, «Үрүччэ» оҕо саадын иитиллээччитэ. Салайаччы Васильева Екатерина Николаевна, Бээрийэ, Уус- Алдан улууһа.
🔷«Сэҥээриилээх чабырҕахсыт» — Иванова Виктория Витальевна, Нам улууһа.
🔷«Дьүөрэ тыллаах чабырҕахсыт» — Лукинова Надежда Тарасовна, Нам улууһа.
🔷«Баай тыллаах чабырҕахсыт» — Сабарайкина Мария Михайловна, Чөркөөх Таатта улууһа.
🔷 «Ходьоҥ-идэҥ хоһоонноох» — Олоҥхо театр иһинэн үлэлиир «Олоҥхо дойдута» устуудьуйа, Дьокуускай куорат. Салайааччылар Екатерина, Егор Толбоновтар.
🔷«Сытыы бөрүөлээх чабырҕахсыт» — «Чо-чобуо» бөлөх Ылдьаа Нохуоккун аатынан Чараҥ култууратын киинэ. Салайааччы Свинобоева Екатерина Прокопьевна.
🔷 «Хомоҕой тыллаах чабырҕахсыттар» — Мүрүтээҕи «Кэскил» оҕо уһуйаана Кустукчаан бөлөх толоруутугар. Салайааччы Лебедева Розалия Ивановна.
🔷«Чаҥый Чаҕаан чабырҕахсыттар» — Оҕо ускуустубатын оскуолата. Дьокуускай. Салайааччы Кычкина Зоя Никитична.
🔷 «Таайтарыылаах чабырҕахсыттар» — «Көмүс дорҕоон» фольклорнай, бөлөх. 82 № – дээх «Мичээр» оҕо уһуйаана, Дьокуускай куорат. Салайааччы Захарова Анна Елисеевна.
🔷«Былыргылыы тыллаах чабырҕахсыттар» — «Чобуо» фольклорнай бөлөх. Бэйдиҥэ, Уус – Алдан. Салайааччы Аржакова Майя Иннокентьевна.
🔷 «Хоһуйсуулаах чабырҕахсыттар» — «Утум» чабырҕахсыттар бөлөхтөрө. Чурапчы улууһа, Болтоҥо нэһилиэгэ. Салайааччы Максимова Александра Семеновна.
🔷 «Сытыы бөрүөлээх чабырҕахсыттар» — «Холумтан» фольклорнай бөлөх. Тыайа Кэбээйи улууһун «Түмсүү» бөлөх. Салайааччылар Архипова Екатерина Яковлевна, Килижекова Матрена Павловна.
🔷 «Үөрэ – дьүөрэ тылынан сэҥээрдээччилэр — «Долун» фольклорнай бөлөх, Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун устудьуоннара (20 саастаахтар). Салайааччы Айталина Михайловна Мойтохонова.
🔷 «Билбит көрбүт чабырҕахсыттар» — «Дьэргэлгэн» оҕо фольклорнай бөлөҕө Нам улууһа. Салайааччы Цыпандина Вера Прокопьевна.
🔷 «Оонньоон этэбин, кырдьык этэбин» — Тартыев Руслан — Орто-Наахара оскуолата, Ленскэй улуус. Салайааччы Михайлова Мария Николаевна.
🔷«Иннэ элэкис, манна мэлэкис» — Старостин Анатолий «Сата» театральнай куруһуок иитиллээччитэ Бороҕон орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ, Булун улууһа. Салайааччы Тобонова Сандаара Игоревна.
🔷 «Ырыалаах – тойуктаах чабырҕахсыттар» — Саха өрөспүүбүлүкэтин государственнай бюджетнэй профессиональнай үөрэҕин тэрилтэтэ «Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо идэ биэрэр уонна туруктарын тупсарар өрөспүүбүлүкэтээҕи техникум интэринээт» коллектива. Салайааччылар Евсеева Розалия Ильинична.,Бурцева Евдокия Литвиновна.
I Үрдэл – «Долун» фольклорнай бөлөх Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун устудьуоннара. Салайааччы Айталина Михайловна Мойтохонова.
II Үрдэл – «Кытаанах кыайардара» салайааччы, автор Любовь Николаевна Монгуш. Кытаанах, Чурапчы улууһа.
III Үрдэл – Федотов Айтал Оҕо ускуустубатын оскуолата. Салайааччы Кычкина Зоя Никитична.
Кылаан чыпчаал– «Талбаана» фольклорнай бөлөх. Салайааччы Мария Степановна Григорьева – Маайа, Нам улууһа.