Чөркөөхтөр сааскы халаан уутун этэҥҥэ аһарыыга бэлэмнэнэллэр

Таатта улууһугар хас да нэһилиэнньэлээх пуун Таатта эбэ сүнньүн батыһан олорор. Онон сааскы халаан уутуттан хас да сыл эрэйдэммит дьон. Бу туһунан суруйда https://www.instagram.com/mikhail.sorov/.


Таатта улууһугар кэлиҥҥи сылларга нэһилиэктэр уу балысханнык кэлэрин бохсор, эбэ этэҥҥэ ааһарын хааччыйар инниттэн араас быһыттары, дамбалары тутуннулар.

Бу күннэргэ Чөркөөх сэлиэнньэтигэр улуус баһылыга Михаил Соров бара сырытта. Кини олохтоохтор бэйэлэрин күүстэринэн улахан кыамталаах быһыт оҥосто сылдьалларын көрдө, билистэ.

Баһылык Андрей Семенов кэпсииринэн, федеральнайдааҕы бырагырааманан үп көрүллүүтэ кэмчитинэн, нэһилиэнньэттэн эбии харчы хомуйан, үлэни саас эрдэттэн саҕалаан, эр дьон түмсэн ыыта сылдьаллар. Маастарынан Василий Эртюков үлэлэһэр.

Нэһилиэк дьахталлара миэстэтигэр астаан, үлэһиттэри сылаас аһынан хааччыйар.

«Бэйэ олорор түөлбэтин, ыаллыы нэһилиэктэри ууттан көмүскүүр сыаллаах үлэлэри сатабыллаахтык дьаһанан олорор ытык Чөркөөх бастыҥ уопутун сөптөөх дьаһалынан сыаналыыбын. Маны олоххо-дьаһахха киэҥник туһаныахха дии саныыбын. Ситиһиини баҕарабын«, — диэн суруйда оройуон салайааччыта.

This post was published on 21.04.2021 11:01 11:01