Чөркөөххө нэһилиэк иһинээҕи муоста тутуута саҕаланна

Чөркөөх нэһилиэгэр социальнай суолталаах муоста тутуута саҕаланна. Олохтоох дьаһалта сааскы үлэлэри тэтимирдэр.

Бу күннэргэ Таатта улууһун Чөркөөҕөр нэһилиэк иһигэр муоста тутуллар. Дэриэбинэ илин өттүгэр пааркаҕа, кылабыыһаҕа, окко-маска барар-кэлэр кутуу суол сааскы ууга быстан хаалан эрэйдээбитэ хас да сыл буолла.

«Бу суолбутугар кыһалҕаламмыппыт хас да сыл буолла. Сааскы халаан уута кэллэ да, кутуу суолу суурайан илдьэ бара турар. Онон нэһилиэк дьаһалтата быйыл муоста тутарга быһаарда. Үлэлии сылдьабыт«, — диэн тутуу биригээдэтин салайааччы Гаврил Баев СИА-ҕа кэпсээтэ.

Хаартыска: Соцситим.

This post was published on 30.04.2022 15:01 15:01