Саха сиригэр ыраах дистанцияҕа ытыыга бастакы Россия таһымнаах турнир буолла. «День» түһүмэххэ Саха сириттэн Сергей Яковлев бастаата, 2 килэмиэтир ыраахха турар сыалы сөпкө түбэһиннэрдэ.
Кини эппитинэн, турнирга улахан конкуренция. «Мин кыра-кыралаан, аа-дьуо киирсэн испитим, үһүс эргииргэ тиийэр курдук былааннаммытым. Уопут, хамаанданан үлэ уонна корректировщик улахан оруолу оонньууллар, ытааччы ситиһиитэ 30%. Мин кыайыам дии санаабатаҕым, олус күүстээх конкуреннар бааллара. Мин кинилэри уруккуттан билэбин, уһуйааччыларым. Кинилэр курдук буолуохпун баҕарарым», — диэтэ турнир кыайыылааҕа, бэргэн ытааччы Сергей Яковлев.
«Ночь» түһүмэххэ кыайыылааҕынан Ридик буолла. Иккискэ Дмитрий Радченко уонна үһүскэ Физрук.
Күрэхтэһии ыраах дистанцияҕа ытыыны, спортивнай маастарыстыбаны күүһүрдүүнү, инникилээх уонна күүстээх снайпердары булааһыҥҥа туһуланар. Турнир «Сулус» кииҥҥэ буолла, эбийиэк тутуутун 2022 сыллаахха Юрий Трутнев сорудаҕынан тутуллубута.
This post was published on 26.02.2024 09:33 09:33