“Чөмпүйүөн кубога”: Кыайыылаахха сүрүн бириис – 300 тыһыынча солкуобай

Дыгын оонньуутун 7 төгүллээх кыайыылааҕа Иван Белолюбскай бирииһигэр национальнай многоборьеҕа “Чөмпүйүөн кубога” күрэхтэһии бу субуотаҕа, муус устар 15 күнүгэр “Триумф” Спорка бэлэмнэнии киинигэр күнүс 12 чаастан саҕаланар. Кылаабынай судьуйанан – Иван Горохов ананна.


Син биир Дыгын оонньуутугар курдук, күрэхтэһиигэ “Үс төгүл үс” ыстаныы, тутум эргиир, мас тардыһыы, 400 миэтэрэҕэ сүүрүү, оҕунан ытыы, хапсаҕай, 125 киилэлээх куулу сүгэн баран сүүрүү көрүҥнэрэ киирдилэр. Кыайыылаахха сүрүн бириис – 300 тыһ. солк.

Быйылгы “Чөмпүйүөн кубога” күрэхтэһиигэ сахалыы ыстаныыларга спорт маастара Егор Филиппов (Хаҥалас), мас-рестлиҥҥэ спорт маастара Алексей Кутуков (Нам), хапсаҕайдьыт Антон Тойтонов (Нам), мас-рестлиҥҥэ спорт маастара Дьулустаан Ноговицын (Горнай), мас-рестлиҥҥэ спорт маастара Алексей Козлов (Усуйаана), Николай Матаннанов (Дьокуускай), сахалыы ыстаныыларга спорт маастара Николай Иванов (Кэбээйи), сахалыы ыстаныыларга спорт маастара Леонид Филиппов (Амма) күрэс былдьаһарга бэлэмнэрин биллэрдилэр.

Маны тэҥэ, күрэхтэһии чэрчитинэн, ким баҕалаахха Күүстээх Уйбаан 181 кг ыйааһыннаах тааһын көтөҕөн ыраах сиргэ илдьиигэ күрэхтэһии тэриллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ бастыҥ көрдөрүүнү Иван Белолюбскай ситиһэн турар, кини ити тааһы 7 миэтэрэ 98 см сиргэ илдьибитэ. Кыайыылаахха Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин (баһылык Ивамар Соловьев) анал бирииһэ туттарыллыа.

Санатан эттэххэ, Иван Белолюбскай бирииһигэр “Чөмпүйүөн кубога” бастакы күрэхтэһии иллэрээ сыл эмиэ “Триумфка” ыытыллыбыта. Онно Уус Алдан дэгиттэр кыахтаах ыччата Дмитрий Попов кыайыыны ситиһэн, Иван Белолюбскай илиититтэн сүрүн бириис быһыытынан ВАЗ-21214 (Нива) массыына сертификатын туппута. Усуйаанаттан төрүттээх Ис дьыала уорганын сотруднига Алексей Козлов пьедестал иккис үктэлигэр тахсар чиэстэммитэ. Оттон Нам бөҕөтө, баһаарынай чаас байыаһа Алексей Кутуков боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Быйыл дьэ, ким кыайар? Егор Филиппов дуу, Алексей Кутуков дуу, Алексей Козлов дуу? Эбэтэр, саҥа аат күөрэйэн тахсар дуу? Ону билэрбит чугаһаата.

www.edersaas.ru

This post was published on 13.04.2017 18:07 18:07