«Сахаэнерго» тэрилтэ Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгэр саҥа технологияны үөрэтэр-чинчийэр сыаллаах улэҕэ киллэрдэ, диэн тэрилтэ пресс-сулууспатыттан Виктория Варламова иһитиннэрэр.
Бу «трекер» диэн ааттах 10 кВт кыамталаах инновационнай оборудование күн хамсааһынын батыһа үлэлээн электроэнергияны оҥоруу кээмэйин үрдэтэр. Саҥа тэрили Алтай кыраайыгар Барнаул куоракка баар «АЛСЭН» тэрилтэ оҥорон таһаарбыт. Трекер уоту оҥорууну 35-40 бырыһыан үрдэтэр кыахтаах, 40 кыраадыс тымныыга уонна 60 кыраадыс куйааска тиийэ үлэлиир аналлаах.
«Сахаэнерго» үлэһиттэрэ бу саҥа оборудованиены күн электростанциятын кытта тэҥнээн көрүөхтэрэ, дааннайдары хомуйан экономическай барыһын үөрэтиэхтэрэ. Оборудование былырыын Дьокуускайга буолбут энергетиктэр улахан конференцияларын быыстапкатыгар бастакытын көрдөрүүгэ турбута.