Өймөкөөн улууһун Үчүгэй нэһилиэгэр “Библиотүүн” тэрээһин быйыл маҥнайгытын ыытылынна. Манна нэһилиэк олохтоохторо кыра оҕотуттан саҕалаан кырдьаҕаһыгар тиийэ бары кытыннылар.
“Алыптаах остуруойа” диэн кыра оҕолорго уонна алын кылаас үөрэнээччилэригэр ыытыллыбыт уруһуй күрэҕэр оҕолор актыыбынайдык кытыннылар.
“Билии-көрүү калейдоскоба” интеллектуальнай оонньууга үс хамаанда күөн көрүстэ. Олохтоох дьаһалта хамаандата иккис миэстэни ылла, оттон ыччат уонна аҕам саастаах дьон хамаандата тэҥнэһэн, бастакы миэстэни үллэһиннилэр.
Хаһаайкалар бу күн араас сибэкки, үүнээйи араскытын аҕалан көрдөрүүгэ туруордулар, сороҕун атыылаан, икки өттүттэн туһалаах дьаарбаҥка ааста. Оскуола оҕолоро икки хамаандаҕа арахсан интерактивнай оонньууга кытыннылар. Түмүккэ, “Есенин” хамаанда “Лермонтов” хамаанданы кыайан таҕыста, оҕолор бары да литература эйгэтигэр киэҥ билиилээхтэрин көрдөрдүлэр.
Маны сэргэ “Биһигинниин аах уонна ыллаа” хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыыга, бастыҥ ырыаҕа тэрээһиҥҥэ кэлбиттэр кыттан, дуоһуйууну ыллылар. Уран тарбахтаахтар мустубут дьоҥҥо кумааҕыттан эгэлгэ сибэккини, модельнай оҥоһуктары кырыйан маастар-кылаас көрдөрдүлэр.
Тыа сирин олохтоохторо сонун тэрээһини ыыппыт кулууп үлэһиттэригэр махталлара муҥура суох. Өймөкөөн оройуонугар бу икки аһыы утаҕы атыылыыры утарбыт нэһилиэктэр култуурунай уонна спортивнай олоххо куруутун көхтөөхтүк кытталлар, сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар.