Бүгүн, кулун тутар 19 күнүгэр, Саха сиригэр Арктика күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнтэн ыла үгэс буолбут тэрээһиннэр муус устарга диэри ыытыллыахтара.
А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Мир Арктики” эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥка буолуоҕа. Кулун тутар 19-22 күннэригэр Саха сирин аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын VIII сугулааннара ыытыллыаҕа. Сугулаан кыттааччылара уонна ыалдьыттара ХІІ эбэҥки национальнай эпоһын «Нимнгакан тэкэнин бинидут» (Эпос в нашей жизни) диэн ааттаах национальнай бэстибээл күүтэр. Оттон “Сосновый бор” оҕо сынньалаҥ киинигэр “Арктика оҕолорун оонньуулара” VI төгүлүн ыыттыллыаҕа.
Санатар буоллахха, Ил Дархан Егор Борисов 2014 сыллаахха Арктика сыла түмүктэнэр үөрүүлээх мунньаҕар уонна Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассоциацияларын 25 сыллаах үбүлүөйүгэр Арктика күнүн биллэрбитэ.
Ааптар: Василий Прокопьев, Саха сирэ саайт
This post was published on 19.03.2024 09:33 09:33