Россия президенин быыбара ыытылларынан сибээстээн Дьокуускайга сорох оскуолалар кулун тутар 15 — 16 күннэригэр дистанционнай үөрэххэ көһөллөр, суруйар куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата.
«Кулун тутар 15 уонна 16 күннэригэр (бээтинсэ уонна субуота) Дьокуускай оскуолаларыгар уонна эбии үөрэх тэрилтэлэригэр сорохторго тэйиччиттэн үөрэнии күннэрэ биллэриллэллэр. 35 муниципальнай үөрэх тэрилтэлэригэр, ол иһигэр 32 оскуолаҕа, 59 учаастактааҕы быыбар хамыыһыйалара үлэлииллэр. Ол иһин үөрэнээччилэр дистанционнай үөрэххэ көһөллөр», — суруллар иһитиннэриигэ.
Кулун тутар 18 күнүгэр бастакы смена, оскуолаларга санация буоларынан, эмиэ тэйиччиттэн барыаҕа. Бирикээскэ Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениета илии баттаата.
Испииһэги манна көр: https://ysia.ru/v-yakutske-v-dni-vyborov-prezidenta-rossii-v-32-h-shkolah-organizuyut-distantsionnoe-obuchenie/
This post was published on 11.03.2024 14:29 14:29