Судаарыстыбаннай дуумаҕа депутаттары талыыга быыбар иккис күнэ Саха сиригэр саҕаланна. Барыллаан дааннайынан, бастакы күн өрөспүүбүлүкэҕэ 103 648 киһи куоластаата, бу быыбардааччы ахсааныттан 15,66%.
Быыбар хаамыыта сокуоҥҥа сөп түбэһиннэриллэр, санитарнай-эпидемиологическай нуормаҕа уонна баһаартан куттал суох буолууга ирдэбиллэр тутуһуллаллар. Ол туһунан Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров иһитиннэрдэ, суруйар СИА.
Быыбар бастакы күнүн сарсыардатыгар тэрилтэлэр маассабай куоластааһыннара баара этилиннэ. Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ эппитинэн, ити «Мобильнай быыбардааччы» үлэтин бириинсибин кытта сөп түбэһэр, ол эбэтэр киһи ханна баарынан куоластыыра көҥүл.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
This post was published on 18.09.2021 08:01 08:01