Быыбар: 497 киһи болдьоҕун иннинэ куоластаата

Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар быыбары бэлэмнээһин уонна ыытыы халандаарынай былаанын быһыытынан, ыраах сытар, мөлтөх суоллаах-иистээх сирдэргэ, балыктыыр учаастактарга, таба ыстаадаларыгар, ыраах бириискэлэргэ болдьоҕун иннинэ куоластааһын атырдьах ыйын 19 күнүттэн саҕаламмыта.


Болдьоҕун иннинэ куоластааһыҥҥа барыта 4 тыһыынча быыбардааччы хабыллыахтаах.Атырдьах ыйын 27 күнүнээҕи туругунан, Өймөкөөн, Эдьигээн, Томпо, Нерюнгри, Алдан уонна Уус Маайа улуустарыгар 497 киһи бэйэтин гражданскай иэһин толордо. Быыбардыыр урналар быыбардааччыларга массыынанан уонна уу суолунан тиэрдиллэллэр, бу үлэҕэ салгын ааллара балаҕан ыйын саҥатыгар тардыллыахтара диэн Киин быыбардыыр хамыыһыйар иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru

This post was published on 27.08.2018 15:22 15:22