Дьокуускай бириэмэтинэн 10 чааска муниципальнай быыбардарга кыттыы орто көрдөрүүтэ 7,83%. Дьааҥылар ордук көхтөөхтөр, манна бүгүн баһылыктарын талаллар — 18,75%, Киин быыбардыыр хамыыһыйа биллэрэр.
Барыллаан көрдөрүү баһылыктарын талар улуустарга маннык:
Абый — 14,14%,
Үөһээ Бүлүү — 14,05%,
Дьааҥы — 18,75%,
Бүлүү — 10,00%,
Ленскэй — 5,64%,
Мэҥэ Хаҥалас — 14,30%,
Ньурба — 11,24%,
Орто Халыма — 11,55%,
Томпо — 9,22%.
Бэрэстэбиитэллээх уорганнарга быыбардаах улуустар:
Булуҥ — 8,54%,
Дьааҥы — 18,75%,
Кэбээйи — 9,83%,
Өймөкөөн — 3,91%,
Томпо — 9,22%,
Усуйаана — 5,65%.