Быыһааччылар Күүлэт суолугар хаайтарбыт 15 киһини хаартан босхолоотулар

Субуотаҕа Үөһээ Бүлүүттэн I Күүлэккэ айаннаан иһэр 15 киһилээх үс массыына хаарга хаайтарбыта.


Вездеходтар уонна тыраахтар көмөлөрүнэн бу дьон тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдилиннилэр, диэн Саха сирин быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.

Быыһааччылары сэргэ Россоюзспас волонтердарын уонна Бүлүү улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин көмөлөрө наада буолбута. Онон 15 киһини, ол иһигэр 6 оҕону наадалаах сирдэригэр тиэртилэр.

This post was published on 02.04.2018 14:56 14:56