Быыһааччылар халааҥҥа бэлэмнэнэллэр

Муус устар 6 күнүгэр Саха сирин быыһааччылара МИ-8 вертолеттан 20,30 уонна 40 м үрдүктэн аллараа түһүүгэ дьарыктаннылар. Кинилэртэн баһыйар үгүстэрэ саҥа саҕалааччылар.


Салгын десаннарын халаан кэмигэр тыҥааһыннаах быһыыга-майгыга бэлэмнээһиҥҥэ Нерюнгриттан, Алдантан, Үөһээ Бүлүүттэн быыһааччылар кэллилэр.

Саха сирин быыһааччыларын сулууспатын салайааччыта Николай Находкин этэринэн, барыта этэҥҥэ ааспыт, улахан сэмэлээһин суох.

Муус устар 16 күнүгэр халаан чопчуламмыт сабаҕалааһына биллиэҕэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ улахан өрүстэригэр үлэлиэхтээх суһаллык дьайар сэттэ бөлөҕү бэлэмнии сылдьаллар.

This post was published on 07.04.2016 11:47 11:47