"Бытантай уоттара" хаһыат национальнай бэчээт күнүн үтүө соруктаах көрсөр

Бүгүн Саха сиригэр национальнай бэчээт күнэ. Бэлиэ даата быйыл бастакытын бэлиэтэнэр. Суруналыыстар, издателлэр, полиграфистар уонна суруйааччылар эҕэрдэ туталлар. «Бытантай уоттара» хаһыат иккис категориялаах эрэдээктэрэ Суханов Сергей Андреевич инновация министиэристибэтин наҕараадатын ылла.


1907 сыллаахха тутулуга суох чааһынай уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литэрэтииринэй «Якутский край» — «Саха дойдута» икки тыллаах хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта. От ыйын 1 күнүгэр! Ил Дархан Айсен Николаев устуоруйа биир уһулуччулаах кэмин дьайыытын бэлиэтиир сыалтан, бу күнү — национальнай бэчээт күнүнэн ааҕар туһунан докумуоҥҥа илии баттаабыта.
Эбээн-Бытантай улууһун «Бытантай уоттара» хаһыат 1989 сыллаахтан, Дьааҥы улууһуттан арахсан туспа оройуон буолуоҕуттан, тиһэҕин быспакка тахсар. Саамай эдэр хаһыат туһунан кылаабынай эрэдээктэр Яна Рожина маннык кэпсиир:
— Бүгүҥҥү күҥҥэ 300-чэ кэриҥэ сурутааччылаахпыт. Биллэн турар, кэлиҥҥи сылларга сурутуу аҕыйаата, сыыппара ситимнэрэ олохпутугар балысханнык киирдилэр. Сонуннар интернетинэн түргэнник тарҕаналлар. Ол да буоллар, хаһыат өрүү тыыннаах, эрэллээх ааҕааччылаах. «Очуос», «Сыккыс» оҕолорго, «Сырдык сүүрээн» ыччаттарга, «Киһи уонна сокуон», «Тускул» үөрэҕириигэ, «Тыа сирэ», «Гулун» о.д.а. анал сыһыарыылардаахпыт. Материальнай-техническай бааза саҥардылларын наһаа күүтэбит. Биир идэлээхтэрбитигэр биһиги эрэдээксийэбит кэлэктиибин аатыттан сытыы бөрүөнү, айар абылаҥы, этэҥҥэ буолууну, уҕараабат эрчими! Маннык бэйэбитигэр национальнай бэчээт күнэ диэн олохтоммута сүҥкэн суолталаах. Ол эбэтэр, хас биирдии киһи төрөөбүт тылынан саҥарар, ону таһынан ааҕар, толкуйдуур. Маныаха национальнай бэчээт эйгэтэ биир улахан оруолу ылар.

This post was published on 01.07.2020 16:07 16:07