Быстах кэмҥэ «Бүлүү» суолга ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыыта тохтотуллуо

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Бүгүн, ыам ыйын 24 күнүгэр, Мииринэй улууһун «Бүлүү» федеральнай суол 1242 км  учаастагыттан 1310 км диэри ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытыгар хааччахтар киирэллэр.

Бу туһунан «Бүлүү» федеральнай суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бу сыл ыам ыйын 24 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри хааччахтар 3,5 туоннаттан үрдүк уйуктаах тиэхиньикэлэргэ үлэлиэхтэрэ. Маннык быһаарыы сааскы халаан содулун туоратарга ылылынна, суруйар Саха сирэ саайт.

«Бүлүү» уонна «Халыма» федеральнай суоллар туруктарын туһунан «Бүлүү» федеральнай суол управлениетын  диспетчерскэй сулууспатын төлөпүөнүнэн билсиэххэ сөп: +7 (924) 593-80-28.

This post was published on 24.05.2024 15:28 15:28