Быстах мобилизация саҕаланыаҕыттан, Саха сирин ЗАГС уорганнарыгар дьиэ кэргэни көннөрү регистрациялааһын болдьоҕун кылгатар туһунан этии элбэх дьонтон киирэр,-диэн регион бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
«ЗАГС үлэһиттэрэ мобилизацияламмыт дьоҥҥо бэйэлэрин кыахтарынан утары бара сатыыллар. Сүрүннээн, бу хас эмэ сылы быһа бииргэ олорбут, уопсай оҕолордоох дьон», — диэн Балабкина бэлиэтээтэ.
Ыал буолаары сылдьар пааралар, сокуонунан ыйыллыбыт болдьоҕу түргэтэтэр туһугар, байыаннай сулууспаҕа ыҥырыы суругу көрдөрүөхтээхтэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ, дьиэ кэргэн буолуу ахсаана 3,5 төгүл, аҕа буолууну регистрациялааһын 3 төгүл элбээбит.