Таатта улууһугар гражданскай туругу сурукка киллэрэр управлениены салайааччы Нария Васильевна Пестрякова анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барарга ыҥырыллыбыт биир дойдулаахтарыгар ыал буолууларын, аҕаны быһаарар аакталарын докумуоннарын бириэмэттэн тутулуга суох суһаллык толорууга үлэлээбиттэрин туһунан санаатын үллэстэр:
— Саха сиригэр быстах байыаннай хомуур ыытыллар кэмигэр саахса уорганнара үлэ кыраапыгытыттан тутулуга суох үлэлээбиппит. Бэбиэскэ туппут дьоммут ыал буолууларын, аҕаны быһаарар аакталарын толоруу о.д.а боппуруостарын быһаарарга дьуһуурустубалар тэриллибиттэрэ. Үлэбитинэн анал байыаннай эппэрээссийэ пуондатыгар харчы хомуйан биэрбиппит, ДНӨ Кировскай куоратын чөлгө туһэриигэ үбүнэн көмөлөһүүгэ өрөспүүбүлүкэбит салалтатын көҕүлээһинин өйөөбүппүт.
СӨ Бырабыыталыстыбатын гражданскай туругу сурукка киллэрэр управлениетын идэлээх сойууһун көҕүлээһинин өйөөммүт, баҕа өттүнэн анал эпэрээссийэҕэ барааччыларга көмө оҥоһуутугар кыттыспыппыт. Быстах хомуур биллэриллибитин кэнниттэн Таатта улууһугар эр-ойох буолуу уонна эрдэ төрөөбүт оҕоҕо аҕа буолуутун бигэргэтии аакталарын толоруу элбээтэ.
Улууспутугар саллааттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө анал ыстаап тэриллэн үлэлии турар. Ол курдук, аһымал кэнсиэртэр, араас тэрээһиннэр, аахсыйалар ыытыллаллар. Сэтинньи 25 күнүттэн «Амарах санаа харыйата» аахсыйа биллэриллибитэ. Быстах хомуурга ыҥыраллан барбыт аҕалаах 89 кырачааннарбытыгар тэрилтэ салайааччылара, Таатта уопсастыбаннаһа, олохтоохторо бары биир санаанан салайтаран, ахсынньы 27 күнүгэр Саҥа дьыллааҕы тэрээһиҥҥэ бэлэх туттараары сылдьабыт.
Маны таһынан госпиталларга эмтэнэ сытар биир дойдулаахтарбытыгар дойду амтанннах, иҥэмтиэлээх астара тириэрдилиннилэр, элбэх мал-сал хомуллунна, таҥас-сап тигилиннэ. Бары биир киһи курдук, биир санаанан салайтарыаҕыҥ, дьоммутун өйүөҕүҥ! Дойдубутун көмүскүү сылдьар буойуттарбыт кыайыы кынаттаах эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт!
Ааптар: Саха сирэ
This post was published on 13.12.2022 18:05 18:05