Саха сиригэр быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэрэ регионнааҕы бюджеттан көрүллэр 200 тыһ солк тутан эрэллэр. Үп оптуорунньукка 26 тустаахха ыытылынна. Ол туһунан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.
«Бастакы 26 ыалга биир кэмнээх 200 тыһ солк төлөбүр ыытылынна. Бу төлөбүр быстах байыаннай хомуурга эрэ ыҥырыллыбыттарга буолбакка, анал байыаннай дьаһалга кытта сылдьар баҕа өттүнэн барааччыларга уонна хантараактаахтарга эмиэ бэриллэр. Биһиги геройдарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүбүт!» — диэтэ баһылык.