26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Быстах байыаннай хомуур усулуобуйатыгар бизнеһи өйүүр миэрэлэри Мишустин бигэргэттэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин иһитиннэрбитинэн, бырабыыталыстыба быстах байыаннай хомуур усулуобуйатыгар бизнеһи өйүүр бастакы миэрэлэр былааннарын бигэргэттэ, суруйар ТАСС.

«Президент биллэрбит быстах байыаннай хомуур кэмигэр бизнеһи өйүүр миэрэлэр Россия экономиката туруктаах буолуутугар көмөлөһүөхтэрэ», — диэтэ Мишустин вице-премьердары кытта мунньах кэмигэр бэнидиэнньиккэ.

«Былаан бырабыыталыстыбанан бигэргэннэ», — диэтэ кини.

Мишустин эппитинэн, Минюст уонна Минобороны федеральнай сокуон бырайыагын бэлэмнииллэр. Манна гражданнар бэйэлэрин дьыалаларыгар бас билиилэрэ хаалар уонна предпринимательскай үлэнэн тус бэйэлэрэ эбэтэр үһүс сирэйинэн дьарыктаналлара көҥүллэнэрэ этиллиэхтээх.

Билиҥҥи сокуонунан байыаннай сулууспалаах предпринимательствонан тус эбэтэр итэҕэллээх киһитин нөҥүө дьарыктанара бобуулаах.

Сиһилии https://ysia.ru/mishustin-utverdil-plan-mer-podderzhki-biznesa-v-usloviyah-chastichnoj-mobilizatsii/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА