Бырамыысыланнас бөдөҥ хампаанньалара Горнай улууһун олохтоохторун үлэҕэ ыҥырдылар

“Колмар”, “Золото Селигдара”, “Дорисс”, “Сахатранснефтегаз” Горнай олохтоохторун үлэҕэ ыҥырдылар. Ити түмүгэр 48 киһи резюметын ыллылар.

Горнай улууһун Дьарыктаах буолууга киинэ Бэрдьигэстээххэ үлэтэ суох дьоҥҥо дьаарбаҥка тэрийдэ. Хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрэ скайп-конференция тэрийэн, ыйытыыларга хоруйдаатылар. “Дорисс”, “Сахатранснефтегаз” бэрэстэбиитэллэрэ үлэлиэн баҕалаахтары кытта сирэй көрүстүлэр.

Ольга Старостина.

This post was published on 09.06.2018 14:17 14:17