Бэдьимэҕэ
СР Тыа хаһаайыстыбатыгар уонна ас-үөл политикатыгар министрин солбуйааччы Семен Потапов салайааччылаах бөлөххө СР спорка министрин бастакы солбуйааччы Георгий Балакшин, СР Транспорка уонна суол хаһаайыстыбатыгар министерствотын департаменын салайааччытын солбуйааччы Татьяна Игнатьева, СР Баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министерствотын департаменын кылаабынай специалиһа Анастасия Николаева, Саха сирин национальнай туристическай хампаанньатын генеральнай директора Георгий Куркутов, СР архитектураҕа уонна тутууга министрин солбуйааччы Геннадий Гермогенов уо.д.а. кытыннылар.
Дакылааты Семен Потапов туруорда. Отчуот кыттыылаахтарыттан 30-ча араас ыйытыы киирдэ. Төхтүр олохтоохторо нэһилиэккэ гаас ситимэ хаһан тардылларын туоһуластылар. Онуоха 2017 сылга диэри былааҥҥа суох диэн хоруйдаатылар. Тимир суолу туһаныы хаһааҥҥыттан тэтимириэй диэн ыйытыыга, күн-бүгүн таһаҕас таһыыта күүскэ ыытыллар, 2017 сыл кэнниттэн пассажирдары таһарын саҕалыаҕа диэтилэр. Айылҕа гааһын оттукка туһаныы төлөбүрэ тоҕо ыараханый диэҥҥэ, гаас оттук быһыытынан оҥоһуллан кэлэригэр айанын ороскуота эбиллэринэн сыаната үрдүүр диэн быһаардылар. Биир сүрүн ыйытыынан сир боппуруоһа буолла. Олохтоохтор биирдии гектардаах сири босхо биэрии туһунан токкоолостулар, туоһуластылар. Элбэх оҕолоохторго Аллараа Бэстээххэ сири анатыыга уочарат тоҕо хамсаабатын ыйыппыттарыгар, билигин 1230 сайаапка киирэн сытарын, онуоха 410 эрэ киһиэхэ учаастак бэриллибитин эттилэр итиэннэ бөһүөлэккэ сир суоҕун, ойуур фондатынан сири тыырыыга үлэ барыахтааҕын быһаардылар. Туризмы улууска сайыннарыы туһунан боппуруос турбутугар, Абалаах эмтээх күөлүн туһаҕа таһаарарга туристическай киин тутулларыгар үлэ-хамнас ыытылла сылдьарын туһунан Георгий Куркутов эттэ. Бэдьимэҕэ гаастааһын тоҕо бытаарбытын ыйыттылар. Онуоха билигин бөһүөлэккэ ыаллар дьиэлэрин аттыгар 264 гаас холбонор турбата туруоруллубут, АГРС пууна оҥоһулуннаҕына, холбооһун саҕаланыаҕа диэн хоруйдаатылар. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сыһыаннаах элбэх ыйытыы киирдэ: сүөһүнү өлөрөр, астыыр пуун хаһан үчүгэйдик үлэлиэҕэй, атыыр сылгыга субсидия, мэччирэҥ сирдэри докумуоннааһын уо.д.а. Саха сирин сиртэн хостонор баайын туһаныы иһин олохтоох нэһилиэнньэ туһатыгар үп-харчы тыырыллыахтааҕын, ол пенсия, социальнай өртүнэн көмөҕө туһалаах буолуохтааҕын туһунан Томтортон Федот Богимов санаатын эттэ.
Этиилэргэ Бэдьимэҕэ уонна Мэлдьэхсигэ гаастааһыны тэтимирдэргэ ыйдылар. Томтор баһылыга Мирон Свинобоев нэһилиэккэ уу скважинатын, Бэдьимэ олохтооҕо Иннокентий Корякин Мүрү‒Майа суолун оҥотторууну, Баатара оскуолатын директора Марк Чугунов сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа Ф.К.Попов төрөөбүтэ 95 сылын көрсө оскуолаҕа өрөмүөн үлэтин ыытарга үп-харчы көрөргө, Бэдьимэ оскуолатын директора Александр Винокуров умайбыт оскуола оннугар саҥа оскуола тутуутун ханнык эмэ программаҕа киллэртэрэргэ, Хорообуттан Павел Скрябин саҥа оскуоланы сылытар хочуолунай кыамтатын улаатыннарарга, Бэрдьигэстээх күөл аттыннааҕы суолу-ииһи тупсарарга, нэһилиэккэ олохтоох балыыһаны аһарга, Мэлдьэхситтэн Василий Куприянов дуобакка республикатааҕы хайысхалаах лааҕыры үлэлэтэргэ үбүнэн-харчынан көмөлөһөргө туруорустулар. Оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин улууспутугар сибиинньэ иитэр комплексы туттарарга олохтоохтор өртүлэриттэн туох да туорайдаһыы, харгыс суоҕун эттэ, тутулларын туруоруста уонна оҕо саадтарыгар, оскуолаларга биэлсэрдэр наадаларын ыйда.
Алта нэһилиэк бэрэстэбиитэллэрэ СР Правительствотын үлэтин-хамнаһын биһирииллэрин эттилэр.
Төҥүлүгэ
Төҥүлүтээҕи культурнай-сынньалаҥ кииҥҥэ 130 киһи тоҕуоруста. Бу күн Төҥүлү олохтоохторун сэргэ Доллу, Араҥас, Дьабыыл, Мэҥэ, Мөҥүрүөн, Дойду нэһилиэктэриттэн бэрэстэбиитэллэр отчуоту иһиттилэр.
Улууска кыаммат кырдьаҕас араҥаны быстах кэмҥэ көрөр-истэр киини арыйар туһунан биир бастакынан ыйыталастылар. Улуустааҕы социальнай көмүскэллээх буолуу управлениетын салайааччы Иван Шестаков ити боппуруос улуус өртүттэн туруоруллубута ырааппытын, ол эрээри күн-бүгүн үп-харчы тиийбэтинэн, быһаарылла илигин эттэ. Нуораҕаналар Халыма федеральнай таһымнаах суолу асфааллааһын үлэтэ салгыы хайдах барыаҕай диэн ыйытыыларыгар суол уонна транспорт департаменын бэрэстэбиитэлэ Татьяна Игнатьева 2016 сылга 94-с биэрэстэҕэ диэри оҥоһуллуохтаах суолга 224 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтүн, 2017 сылга диэри Чурапчы туһаайыытынан 40 км үлэ ыытыллыахтааҕын эттэ. Балыктаахтар 150 сүөһү турар хотонугар субсидия, квартальнай хочуолунай тутуутугар үп-харчы көрүллүө дуо диэн ыйыттылар. Хочуолунайы туттарыы быйылгы былааҥҥа суох диэн буолла. Матталар электро-уот ситимин күүрүүтэ мөлтөҕүн, Мүрү тарссата бу күһүн эбэҕэ уу киирэн алдьаммытын, нэһилиэккэ ыччат кварталыгар электро-уот ситимин холбооһуҥҥа үлэлэр хаһан ыытыллыахтарын, баҕа өртүнэн баһаарынай дуруһууналары өйөөһүнү ыйыталастылар. Газохимическэй собуоту туттарыы, Уһук Илиҥҥэ биирдии гектар сири биэрии тиэмэлэрин эмиэ таарыйдылар. Дьабыыл нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрэ скважина боппуруоһун, балыктаахтар спортивнай тэриллэринэн хааччыйыы туһунан, Дьокуускайга онкологическай киин хаһан аһылларын уо.д.а. боппуруостарга хоруйдары ыллылар.
Этиилэргэ Федор Куличкин нэһилиэккэ гаастааһын ыытыллар, оҕо саада тутуллар буолбутунан махталын тиэртэ итиэннэ тустуу саалатын ситэриигэ-хоторууга, нэһилиэккэ миэстэтигэр уу ситимин тардыыга көмөлөһөргө эттэ. Ону сэргэ төҥүлүлэр хаарбах туруктаах 35 миэстэлээх интернаты саҥардары, Доллу нэһилиэгин баһылыга Иннокентий Птицын элбэх хайысхалаах киини туттарыыга үбүнэн-харчынан көмөлөһүүнү туруорустулар. Дойдулар саҥа көһүөхтээх бөһүөлэккэ ууну хаһаанар тутууну туттарар, Араҥас нэһилиэгин баһылыга Вера Птицына Таракка гаастааһын үлэтин саҕалыыры эттилэр.
Нэһилиэктэр олохтоохторо СР Правительствотын ааспыт сыллааҕы үлэтин-хамнаһын үчүгэйинэн сыаналаатылар.