Бырабыыталыстыба отчуота: Томпо улууһугар сирдэрин туоһуластылар

Мэҥэ Алдан, Байаҕантай уонна Ыҥаа олохтоохторун кэтэх дьиэлэри киин ититэр ситимҥэ холбооһун долгутар. Ыҥаалар 15 сыллааҕыта халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбиттэрэ. Ол содула билиҥҥэ дылы ааһа илик. Оччолорго ортотугар дылы ууга барбыт 2 этээстээх мас оскуола кырыыһатын көтүрэн, вертолет түһэр сирэ оҥорбуттара, ол объект саҥа саахалланар туруктаахтарга киллэрилиннэ.


Нэһилиэктэргэ ходуһалартан, мэччирэҥ сирдэриттэн ууну түһэрэр, сэлиэнньэлэр истэринээҕи суоллары өрөмүөннүүр сорук турар. Тыа дьоно, кырдьыгынан эттэххэ, түптээн ааҕа да илик, истэн эрэ билэр «1 гектар сир» сокуон барылын туһунан ыйыталастылар. Улууска 5 ураты харыстанар айылҕа территориятын уонна Томпо эбээн нэһилиэгин сирдэрэ эрэ көмүскэллээхтэр, онтон атыҥҥа докумуон суох. Тустаах департамент салайааччыта бэрт өр быһаарда, судургутук өйдөөтөххө «Үлэ барар, бырабыыталыстыба туруорсар, эһиги докумуоҥҥутун кытаатыҥ» диэн буолла. Ол эрээри дьон докумуону оҥотторорго соччо ыксаабат. Судаарыстыбаннай кадастрга Хаандыга бөһүөлэгин кыраныыссалара эрэ киллэриллибиттэр.

Улууска Кыайыы 70 сылыгар 370 киһи «Сэрии оҕото» диэн мэтээли ылбыттара. Онно өссө тыыл бэтэрээннэригэр курдук өҥө көрүллэрин туруостулар да, «кэлэр үбүлүөйгэ дылы күүтүҥ» диэн буолла. Хаандыгаҕа 89 уонна 87 саастаах эмээхситтэр урукку олорбут сирдэригэр докумуоннара уонна туоһулара суох буолан тыыл бэтэрээннэригэр киирбэттэр. Аны 60-ча саастаах дьон дьиэ туттарга ханнык да бырагыраамаҕа киирбэттэрэ эмиэ хомолтолоох.

«Министирдэр сотору-сотору уларыйаллара үлэҕэ охсор. Эдэр специалистар нэһилиэктэргэ кэлбэттэр, ол түмүгэр биһиги улууспутугар кооперативтары тэрийэр дьон 60 саастаахтар. Элбэх үп көрүллэр да, харчы сороҕор сөптөөхтүк туһаныллыбат», — диэн мэҥэ-алданнар санааларын эттилэр.

Улуус киинигэр, Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэр ОДьКХ-ҕа, олохтоохтор табаарыстыбалара элбэх квартиралаах дьиэлэри өрөмүөннүүргэ энергосбыт нөҥүө харчыны хомуйалларыгар сыһыаннаах элбэх ыйытыы киирдэ. Ол курдук, холобура, Хаандыгаҕа ууну ыраастыыр ханаал, ону таһынан манна уонна Ыҥааҕа водозабор туруктара долгутар. Балачча элбэх ыйытыыны, дьиҥинэн, бөһүөлэк баһылыгыттан ыйытыахтара хаалбыт. Гимназия тутулуннаҕына, ол дьиэтигэр оҕо уһуйаанын аһыахтара, оччоҕуна 3-гэр дылы саастаах 186 оҕо уочарата лаппа кыччыа этэ. Быйыл аны социальнай приют саҥа дьиэтин тутары туруорустулар.

Бу нэһилиэктэргэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Алексей Дьячковскай салайааччылаах бөлөх үлэлээтэ.

This post was published on 22.02.2016 15:33 15:33