Отчуоттуур бөлөҕү Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатыгар уонна биһиги улууспут куратора Петр Алексеев салайда. Бөлөх икки сиринэн үлэлээтэ.
Отчуот графига, самолет көппөккө, былааннаммытыттан уларыйыылаах буолла. Ол курдук, бастакы күн бастакы бөлөх бастакы отчуота Кириэстээххэ киэһэ 6 чаастан саҕаланан баран 10 чаас 20 мүнүүтэҕэ бүттэ. Бу иннинэ Ньурбаҕа 6 чаас устата барбыт отчуот “рекордун” сиппэтибит диэн күлүү-оонньуу кэриэтэ кэпсэтии буолан ылла.
Бөлөҕү кытта улууспут баһылыга Анатолий Григорьев уонна дьаһалта управлениеларын, улахан тэрилтэлэр салайааччылара сылдьыстылар.
Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, Бырабыыталыстыба отчуота быйыл хас да нэһилиэги холбоон ыытылынна. Кириэстээххэ Куокуну, Наахара, Бүлүүчээн нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн көхтөөхтүк кытыннылар. Уруттуу түһэн эттэххэ, отчуоту маннык ньыманан ыытыыны нэһилиэктэр бэрэстэбиитэллэрэ, олохтоохторо сөбүлээбэтэхтэрин этэллэр.
Дакылаатчыт П.Н. Алексеев өрөспүүбүлүкэбит ситэриилээх былааһын 2015 сыллааҕы үлэтин туһунан лоп-бааччы, тиэтэйбэккэ аргыый кэпсээбитин мустубут дьон олус сэргээн иһиттилэр. Олохтоохтор мунаарбыт ыйытыыларыгар тустаах үлэһиттэртэн хоруйдары тута ылан истилэр. Ол курдук, 2018 сылга диэри интернет түргэтиэҕэ, 2016 сыл сааһыгар улууспут сорох нэһилиэктэригэр цифровой телевидение киириэҕэ, чугастааҕы сылларга биһиги эргин, Марха өрүс муостатыттан ураты, муоста тутуута бакаа былааҥҥа суох. Марха муостата 2018 сылга, оттон Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста өрөспүүбүлүкэ автономияны ылбыта 100 сылын көрсө 2022 сылга бүтүөҕэ. Тыа сирин дьонун сүрүн дьарыгынан буолар тыа хаһаайыстыбатыгар улахан ситиһии суох. Ынах сүөһү ахсаана аҕыйыы турар, ити чааһыгар биһиги улууска улахан хамсааһын суох диэн буолла. Үүтү туттарыыга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Чурапчы кэнниттэн биһиги улуус иккис буолбуппут. Оттон үүт аспыт ханна баарый, маҕаһыыннарга барыта кэлии арыы, хата биирдэ эмит да буоллар Бүлүү суората, Дьокуускай кефирэ көстө ааһар.
Бу да сырыыга К.И. Михайлов, М.И. Коколов, алмаас музейын үлэһитэ М.Х. Конобулова курдук үлэ бэтэрээннэрэ олоххо көхтөөхтөрүн, уопсай дьыала туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллалларын туоһулаан олоххо, үлэҕэ-хамнаска инники сайдыы туһугар уоттаах-төлөннөөх этиилэри оҥордулар. Уордьаннаах комбайнер Клавдий Михайлов үгүс көмүс көлөһүнүн тохпут Табаҕатын сирин билиҥҥи туругуттан олус хараастарын, бу туһунан маннык отчуокка төрдүс төгүлүн этиитэ буоларын ыйда. Сибээс өттүгэр сайдыы баарын баар эрээри, дьэ, хаачыстыба өттө кыайтарбат диир. Оттон Михаил Коколов бу сырыыга тыа сирэ уонна промышленность сыһыаннаһыыларыгар баар хобдох көстүүлэргэ тохтоото. Промышленниктартан нолуоктарыттан ураты ыларбыт суох, бэл, үрдүк анал үөрэхтээх специалистары үлэҕэ аанньа ылбат буоллулар. ГЭС уота чэпчиирин, саатар оннунан хааларын оннугар сылтан сыл үрдүү, алын да, үрдүкү да салалта аппараата олус үллэ турар диэтэ.
Оттон Марфа Конобулова төрүттээбит, көрбүт-харайбыт музейын инники дьылҕатыгар тохтоон бэрт элбэҕи эттэ. Кырдьык даҕаны, модун Сэбиэскэй Сойууска аан бастаан көстүбүт алмаас историятын кэпсиир музей кумалаан оҕо курдук дьылҕаланан эрэрэ аан дойдуга биллэр кыахтаах, баай «АЛРОСА» АК дьоһун аатын-суолун уонна таарыччы биһиги да улууспутун киэргэппэт. Модун «АЛРОСА» кыаҕар-холугар ити музей көрүүтэ-истиитэ төһө энчирэтиилээх эбитэ буолла?..
Таһырдьа 40-тан тахса кыраадыстаах тымныыга истээх сонноох да тоҥо олорор кулууптаах Кириэстээххэ арай пенсионер, нэһилиэк Сэбиэтин депутата Альберт Данилов элбэх итэҕэһи-быһаҕаһы этэн туран, былырыын эһиги үлэҕитин абаансанан биһирээбиппин быйыл төннөрөн, биһирээбэппин биллэрэбин диэтэ.
Бүлүүчээн нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрэ улахан кыһалҕаларын барытын этинэн, сорох сыалларын-соруктарын син ситистилэр диэххэ сөп. Ол курдук, ыраах, чиэски сытар нэһилиэк балыыһата анал массыыната суоҕа сөпкө өйдөнөн, түргэн кэминэн быһаарылларыгар этилиннэ. Бүлүүчээттэр итини таһынан сотору кэминэн таас оскуола тутуутун туруорсаллар, БКЭ (биир кэлим экзамен) балаһыанньата сылтан сыл уустугуран иһэрин, оҕо психологиятыгар да охсуулаах буолсутун, ыраах нэһилиэккэ банкоматтар суохтарын, бэйэлэрин күүстэринэн спорт саалатын тутуутун саҕалаан эрэллэрин, онно өрөспүүбүлүкэ өттүттэн көмө наадатын эттилэр. Итилэргэ быһаарыы кэриэтэ тыа сирдэригэр банкоматтары туруоруу ирдэбилгэ эппиэттээбэтэ, инникитин үп-харчы араас операциялара почта нөҥүө барыахтаахтара, чөл олохтоох нэһилиэккэ көмө бары өттүнэн оҥоһуллар буолуохтааҕа этилиннэ. Санатар кэриэтэ эттэххэ, Бүлүүчээн өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан арыгы атыытын бобон, чөл олохтоох нэһилиэктэр статустарыгар Ил Түмэн сокуонунан бигэргэммит нэһилиэк буолар.
Ити курдук, Куокуну, Наахара бэрэстэбиитэллэрэ эмиэ элбэҕи туруорустулар. Ордук итэҕэс-быһаҕас Наахара нэһилиэгэр баара көһүннэ. Холобур, куокунулар аныгы ирдэбилгэ барытынан эппиэттиир ФАП-р эрээри, биэлсэрдэрэ суох, оттон наахаралар ФАП дьиэтэ баара буоллар, үлэһити бэйэбит да булуо этибит дииллэр.