Тэрээһин күннээх уонна күлүк өрүттэрэ
Тэрийээччилэр бигэргэтэллэринэн, быйылгы отчуокка улуус 21 нэһилиэгиттэн 489 киһи сырытта. Омос иһиттэххэ, элбэх курдук. Ол гынан баран, 21 тыһ. киһилээх улуус холугар дуона суох уонна нэһилиэк ахсыттан 23-түү киһи сылдьыбытыгар тэҥнээх сыыппара. Дьиҥ иһигэр отчуот тэриллибит нэһилиэгин олохтоохторо эрэ сырыттылар диэтэххэ, түһэрэн этии буолуо суоҕа. Холобур, Туобуйа нэһилиэгин баһылыга Степан Алексеев Өргүөккэ соҕотоҕун кэлбит. Билэр дьон ону баалаабаттар: бу соҕуруу уһук нэһилиэк улуус кииниттэн 30-ча көс, Өргүөттэн 20-тэн лаппа тахса көс тэйиччи сытар. Онон бачча тымныыга уонна уматык ыараханыгар элбэх массыынанан ньиргитэн кэлэриҥ кыайтарбата биллэр.
“Маннык тэрийбиттэрэ атын нэһилиэктэр туох кыһалҕалаахтарын билэргэ үчүгэй эбит. Өссө биһирэбиллээҕэ – эйигин ким даҕаны кириитикэлээбэт”, — диир Степан Иванович. Биир дойдулаахтарым, үөһээ бүлүүлэр, үгэни-хоһоону баһылаабыт бэйэлээхтэр. Ити эрээри, көнөтүнэн өйдөөтөххө, уһук нэһилиэк баһылыгын ханан даҕаны киирэн сэмэлиир төрүөт суохха дылы. Былырыыҥҥы туруорсуулара барыта туолбут: үөһэнэн чэпчэтиилээх көтүү харгыһа суох тэриллибит, сөмөлүөт түһэр порда сөргүтүллүбүт, быйыл ситэриллиэхтээх, туохтан даҕаны иҥнибэт ТРЭКОЛ диэн көлөлөммүттэр (суол быстарыктаах кэмигэр улуус киинигэр 70 төгүл киирэн тахсыбыттар), үөһэттэн үп көрүллэн, кыһыҥҥы суолу күрдьэн ыраастыы олороллор, 4 кыбартыыралаах дьиэ тутуллубут, аны оҕо саадын тутуу бырайыага бигэргэтиллэн “Үтүө дьыала” хамсааһын сүнньүнэн быйыл тутулларын күүтэллэр.
Намнааҕы мунньахха оннооҕор ыаллыы Ороһуттан 8, Тамалакаантан уонна Харбалаахтан 2-лии, 3-түү эрэ киһи кэлбиттэр. Ыт төбөтө төкүнүйэр суоллаах уонна чугас нэһилиэктэр диэтэххэ, сэмэй көрдөрүү. “Биһиги 30-40 киһини хайа баҕарар аҕалар кыахтаахпыт. Оннук модьуйуу суоҕа”, — диир Ороһу баһылыга Анатолий Антонов. Киһи кыһалҕата суох буоллаҕына, сүүрэ-көтө, тииһэ-тааһа сатаабат айылгылаах. Дьиҥинэн, отчуот төрүттэммитэ сүүрбэччэ сылын тухары ким туох сүрүн кыһалҕалааҕа билиннэҕэ уонна сүнньүнэн быһаарылыннаҕа даҕаны. Онон сиэттэрэн буоллаҕа итиэннэ иккис өттүттэн ороскуоту кыччатар туһуттан отчуоту кииннээн тэрийбиттэрэ биһирэниэн эрэ сөп.
Ол гынан баран, хабыллыбатах, тумнуллубут нэһилиэктэр олохтоохторо хомойбуттарын, астымматахтарын улуус салалтатыттан иһиттим. Отчуот бастакы сылларыттан хотунан-соҕуруунан, илининэн-арҕаанан тилийэ сылдьыспыт киһи быһыытынан, бачча кириисис кэмигэр уонунан массыынаны сүүрдүбэккэ эбэтэр 20-лии тойону-хотуну сөмөлүөтүнэн көтүппэккэ, тыа хаһаайыстыбалаах улуустарга биирдии миниистири (эбэтэр солбуйааччыларын) ТХМ бэрэстэбиитэлин кытта бары нэһилиэктэри хабан отчуоттатары тэрийиэххэ сөп эбит дии санаатым. Улуус дьаһалтатын отчуотун кытта холбуу ыытар өссө ордук буолуох этэ. Маныаха биир “ноолоох”: бырабыыталыстыба сорох биригээдэлэригэр Аллайыахаҕа эт суоҕун истэн саҥа истэн-билэн соһуйар эдэр экономист-тойоттор баалларыттан сонньуйдум.
Биригээдэ тыа сирин иирбэ-таарба кыһалҕатын билэр-көрөр, дьону-сэргэни кытта үлэлиир баай үөрүйэхтээх салайааччылартан таҥыллара ордук көдьүүстээх буолуо. Холобур, Үөһээ Бүлүү Намыгар уонна Өргүөтүгэр отчуоту спорт миниистирэ Михаил Гуляев туруорда уонна олохтоохтор ыйытыыларыгар тыа хаһаайыстыбатын, сыана боппуруостарыттан уратыга барытыгар бэйэтэ хоруйдаата. “Сахалыы чиҥ өйдөөх-санаалаах салайааччы эбит” диэн тыа дьоно астыммыттарын биллэрдилэр. Сэбиэскэй былаас эстиэҕиттэн хайа даҕаны бэйэлээх миниистир атаҕа үктэнэ илик түбэтигэр, Туобуйаҕа, ааспыт күһүн Михаил Дмитриевич эрэ тиийэ сылдьыбыта элбэҕи этэр ээ…
Бучугурас-Бычырдаан удьуордара “Манчаарынан” олороллор
М.Д.Гуляев салайар бөлөҕүн эһиил “Манчаары оонньууларын” тэрийэн ыытыахтаах Үөһээ Бүлүүгэ, өссө күрэхтэһии түһүлгэтин быһаччы тэрийсиэхтээх нэһилиэктэри хабан сырытыннарбыттара мээнэҕэ буолбатах. Михаил Дмитриевич – бу сылларга үөһээ бүлүүлэргэ саамай күүтүүлээх күндү ыалдьыт. Тоҕо диэтэххэ, хаалбыт балтараа сылга сарсыардааҥы сахсаан “Манчаарыттан” саҕаланар, киэһээ кэпсэл эмиэ онон түмүктэнэр тосхоллоох. Хонон турдах ахсын, ол быһыы-майгы тыҥаан, сытыырхайан иһэрэ чахчы.
Намнааҕы кэпсэтиигэ улуус спордун салайааччыта Егор Николаев Хомустаах бөһүөлэгэр (Намҥа) ыытыллыахтаах сахалыы илии-атах уонна хотугу норуоттар оонньууларыгар элбэх көрүҥҥэ күрэхтэһиилэри сэргэ үсүһүнэн ох саанан ытыыны тэрийэргэ этии киллэрдэ. “Оҕунан ытыы мэлдьи стадион түгэҕэр, дьон кыайан көрбөт сиригэр ыытыллар. Быраабылата уларытыллан, билигин охчуттар ыталларын көрөргө олус кэрэхсэбиллээх буолла. Онон элбэх киһи кэлэн астына көрөрүн тэрийиэххэ”, — диир Егор Алексеевич. Былаһаакка (“спорт оонньууларын универсальнай былаһаакката” дэнэр) тутуллуохтаах сиригэр хаар анныгар буор-кумах кутуллан сытара ыраахтан томтойон көстөр. Миниистир быйыл Москваттан 25 мөл. солк. суумалаах былаһаакка тэрилэ кэлиэхтээҕин эттэ. Ити иһигэр сайын сүүрэр, футболлуур “хонуута”, кыһын хоккейдыыр “катога” уонна дьон таҥаһын уларыттар 2 сылаас контейнера бааллар.
Манна сыһыаран эттэххэ, М.Гуляев иһитиннэрбитинэн, улуус киинигэр тутуллуохтаах стадиоҥҥа быйыл 75 мөл. солк. (үбүлээһин 5-тэн биирэ), оттон элбэх хайысхалаах спорт саалатыгар 59 мөл. солк. (ону таһынан федеральнай таһымтан 50 мөл. солк.) үп кэлиэхтээх. Улуус салайааччылара уонна күрэхтэһиини тэрийээччилэр бытаарыыны таһаарбат инниттэн үбүлээһин үгүс өттө 2016 сылга бэриллэн, тутуу үлэтин быйыл кыайа-хото тутар, эһиилгигэ ситэрии үлэтин эрэ хаалларар баҕа санаалаахтарын тиэртилэр.
“Манчаары оонньууларын” тэрийэн ыытыыга улуус 9 киин нэһилиэгэ (Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй, Нам, Балаҕаннаах, Ороһу, Тамалакаан, Харбалаах, Кэнтик, Хоро) быһаччы кыттар. Балаҕаннаах баһылыга Степан Дмитриев бу нэһилиэктэргэ барыларыгар ыалдьыттары кыбыстыбакка сырытыннарар курдук, 4,5-дыы мөл. солк. көмө харчыны өрөспүүбүлүкэ 100 бастыҥ муниципальнай тэриллиитигэр тупсарыыга бэриллиэхтээх грант үбүттэн куонкуруһу таһынан бэрдэрэргэ туруорсубутун миниистир өйөөн, боротокуолга киллэртэрдэ. Маны тэҥэ быйыл “Азия оҕолоро” оонньууга сүүрүөхтээх саҥа оптуобустартан 2-ни Үөһээ Бүлүү улууһугар аныырга (улуус бэйэтин бюджетыттан 2 мөл. солк. кыттыгас үбүлэһэргэ уган олорор) уонна Балаҕаннаахха оҕолору кымыһынан чэбдигирдэр киини тутарга этиилэр эмиэ боротокуолга сөптөөх оннуларын буллулар.
Үөһээ Бүлүү эһиил сайын 1522 спортсмены, 4310 араас аралдьытар-сааратар дьаһалларга кыттааччыны, ону таһынан уонунан тыһыынча көрөөччүнү көрсөргө бэлэмнэнэр. Оччо элбэх киһини түһэрэргэ оронуттан саҕалаан дьиэтигэр тиийэ үгүс тэрээһин үлэ эрэйиллэрэ биллэр. Сааскы халаан муус халҕаһата хаайтаран туран эмискэ төлө барарыныы, Хотун Бүлүү өҥ кытылыгар үйэлээх элбэх тутуу олуга охсуллан эрэрин истэн-көрөн астынным. “Үөһээ бүлүүлэр бэлэмнэнии үлэтин эрдэ саҕалаатыгыт. Тутуу графигын тутуһан иһэҕит”, — диэн спорт миниистирэ хайҕаатар даҕаны, “Манчаары оонньуулара” тэриллэригэр төрүт-төрүөт буолбут улуус олохтоохторо уоскуйар санаалара суох. Түбүк-садьык саҕаланна эрэ…
Түмүк оннугар омолуйдахха
Улууска, нэһилиэккэ ыытыллар маннык улахан түмсүүлэргэ ытык кырдьаҕастар баалларын биллэрдэхтэринэ астынар үгэстээхтэр. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр буолбут түмүк мунньахха ытык кырдьаҕастар биир уостарынан “салайааччылары “сымыйа” дипломунан, диссертациянан киирэн, сирэйэ-хараҕа суох сойуолаһар суруналыыстары сөбүлээбэттэрин биллэрдилэр”, иккис уостарынан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр “хоруупсуйа баарын” булан саралаатылар. Ону кинилэр ааспыт сылга Үөһээ Бүлүүттэн грант үбүгэр 1 эрэ фермер, ону даҕаны үрдүк дуоһунастаах киһи аймаҕа, тиксибитинэн быһаараллар. Дьиҥинэн, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын отчуотуттан көрдөххө, 2015 сылга 11 саҥа тэриллибит бааһынай хаһаайыстыба куонкуруска кыттыбытыттан 7 киһи грант үбүн ылбыт.
Онон көстөн турары мэлдьэһиигэ тэҥнээх быһыы-майгы дириҥиэҕин история наукатын доктора, биллиилээх археолог, лектор Никита Архипов бохсуста. “Шоунан олорор дойду буоламмыт халыйар идэлээхпит. Онон, ыалдьыттарбыт, баалаамаҥ”, — диэтэ уонна былаас көмөтүнэн туох бөдөҥ тутуулар оҥоһуллубуттарын ыраас мууска ууран биэрдэ. Бырабыыталыстыба бөлөҕүн салайааччыта Семен Винокуров көрсүһүүнү: “Өрөспүүбүлүкэ салалтата “Манчаары оонньууларыгар” улахан болҕомтотун уурар. Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ сомоҕолоһон, күүскүтүн-кыаххытын, өйгүтүн-санааҕытын түмэн, үрдүк таһымнаахтык ыытаргытыгар эрэнэбит”, — диэн түмүктээтэ. Оннук эрэ буоллун!
This post was published on 10.02.2016 16:25 16:25