От ыйын 29 күнүгэр улууспут киинэ Аллараа Бэстээххэ тырааныспар техникумугар ыытыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уочараттаах көһө сылдьар мунньаҕын бэбиэскэтигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар инники турар миэрэлэр боппуруостара көрүлүннэ.
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова улуус сиригэр-уотугар киирээт, бастаан аһаҕас күүлэй ыытыллар Аччыгый сыһыыга сылдьан, күүлэй аһыллыытыгар кытынна, кыттааччылары эҕэрдэлээтэ. Ол кэнниттэн тута Дьаҥхаады нэһилиэгэр тутулла турар 75 миэстэҕэ суоттаммыт оҕо саадын тиийэн көрдө. Дьыссаат бырайыагын «ХОТ» ПФ ХЭТ оҥорбут, тутуутун «Армон» ХЭТ ыытар. Оҕо саадын уопсай иэнэ 881 кв. м. Ааспыт сыллааҕы сыаналарынан тутуу симиэтэтэ 59 мөл. 134 солкуобай сууманан билиҥҥитэ ааҕыллар эбит. Галина Данчикова тутуу хаамыытын кытта билсэн, эбийиэк иһигэр киирэн көрдө-иһиттэ, туох-ханнык үбүлээһининэн тутуу барарын туоһуласта.
Эбиэйиэги көрүү кэнниттэн, олохтоох салалта Галина Данчикованы нэһилиэк биир кэрэ көстүүлээх миэстэтигэр ‒ Даркылаах утары Өлүөнэ Эбэ көстүүтэ арыллар сиригэр сырытыннарда. Бэрэссэдээтэл айылҕа кэрэ көстүүтүттэн дуоһуйбутун биллэрдэ, айылҕаттан күүс-сэниэ ыла ытык тиит аттыгар туран ылла. Ынахтар уу ылар хочотугар аллараа түһэн мэччийэллэрин сөҕө көрдө.
Дьаҥхаады нэһилиэгэр сылдьан баран, Бырабыыталыстыба дьоно үлэлэрин Аллараа Бэстээххэ салҕаатылар. Бэрэссэдээтэл Галина Данчикова, Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Александр Дружинин, Архитектура уонна тутуу комплексын миниистирэ Вера Кузакова, Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыларга миниистир Евгения Григорьева, Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Владимир Тихонов, Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба Дьаһалтатын салайааччытын бастакы солбуйааччы Светлана Самсонова улуус олохтоохторун кыһалҕаларын анал чаас тыырынан иһиттилэр.
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин кытта тус көрсүһүүгэ Петр Шарафудинов, Нина Даниллян, Ариадна Филиппова, Нина Сурикова киирдилэр. Уһаайба сирин, кыбартыыра ылыы, саҥа дьиэ хаачыстыбатын туһунан, Аллараа Бэстээххэ успуорт уонна Майаҕа култуура кииннэрин тутуу, инбэлииттэргэ көмө боппуруостара көтөҕүлүннүлэр. Галина Данчикова кыһалҕаларын кэпсии киирбит дьонтон иҥэн-тоҥон ыйыталаста, улуус уонна бөһүөлэк дьаһалталарын иннилэригэр этиллибит кыһалҕалары сокуон сүнньүнэн быһааран иһэргэ соруйда. Майаҕа сыбаайалара түспүт култуура киинин сиһилии бырайыагын Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Экэниэмикэ миниистирэ Алексей Стручков билсиитигэр бэлэмнээн киллэриҥ диэтэ.
Бырабыыталыстыба көһө сылдьар мунньаҕар бэйэлэрин иһитиннэриилэрин улууспут баһылыга Николай Старостин уонна Экэниэмикэ миниистирэ Алексей Стручков оҥордулар. Николай Старостин ааспыт сыллар усталарыгар уонна билигин бара турар үлэни-хамнаһы, улуус салалтатын улууһу бары өрүттээхтик сайыннарыыга былааннарын сырдатта.
Билгэлээһин быһыытынан, 2030 сылга диэри Аллараа Бэстээх нэһилиэнньэтин ахсаана 10 тыһыынча киһиттэн элбэх буола үүнэрэ күүтүллэр. Бөһүөлэк сайдарыгар сирэ-уота кырыымчыгын учуоттаан, өрөспүүбүлүкэ уонна улуус салалталара чугастааҕы Нөөрүктээйи, Хаптаҕай, Дьаҥхаады нэһилиэктэрин уонна Майа сэлиэнньэтин кытары сайдыы биир кэлим сирин-уотун ‒ «Аллараа Бэстээх» агломерацияны тэрийэр былааннаахтар. «Аллараа Бэстээх» тимир суол ыстаансыйатын тутууну ситэрэн, Аллараа Бэстээххэ Саха сирин тырааныспарын уонна логистикатын түмүк киинин үөскэтии соруга турар. Итиннэ Жатайга тутуллар суудуна верфэтэ, Дьокуускайга тэриллэр үрдүкү технологиялар IT-пааркалара, уруудалары таҥастыыр киинэ, «Кангалас» урутаан сайыннарыллар сир-уот, «Нерюнгритээҕи ГРЭС – Аллараа Куранах – Томмот – Майа» үрдүк күүрүүлээх электролиния, Дьокуускайдааҕы 2-с ГРЭС бары биир кэлим ситим буола түмүллэллэрэ өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ уонна Киин Саха сирэ сайдыыларын кэскилин быһыытынан көрүллэр. Өлүөнэни туоратар баараҕай муоста былаана эмиэ итиннэ сыһыарыллар. Тимир суол ыстаансыйатын тутуутун ситэриигэ көрүллүбүт 1 млрд. 951 мөл. солкуобай үбү кэлэр сылга көһөрөн, тутуу үлэтин салҕыыллар.
Аллараа Бэстээх кытылыгар бөҕөргөтүү үлэлэрин ыытан, таһаҕас тиэллэр, сүөкэнэр кытылын тутуу былааннанар. Тимир суолга сыһыаран, ниэп, уматык улахан базата баар буолуохтаах. Улуус салалтатын биир улахан, сайдыыга дьоһун хардыытынан Аллараа Бэстээххэ биисинэс-инкубатор тутулларын ситиспитэ буолар. Куоракка кубулуйар бөһүөлэккэ уу, канализация ситимнэрин сайыннарыы соруга сытыытык турар. Бөһүөлэк киин уулуссатын улахан тырааныспар ыгыытыттан босхолоон, эргийэ барар тыраассаны тутуу эмиэ. Тыа хаһаайыстыбатын улууһа уонна илин эҥэр улуустарыгар инники сылдьар улуус буоларын учуоттаан, бэтэринээр сулууспатын чинчийэр, үөрэтэр лабораториятын тутуу былааҥҥа баар. Ити былааҥҥа «М.Егоров» уонна «Хорообут» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх хаһаайыстыбалар саҥа хотоннорун бырайыактара эмиэ киирсэллэр.
Аллараа Бэстээххэ индустриальнай паарканы сэргэ, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын астыыр-үөллүүр оҥорон таһаарыы кластерын тэрийии былааҥҥа сылдьар. «Абалаах» эмтиир, чэбидигирдэр киини «Сосновка» санаторий базатыгар олохсутуу боппуруоһун өрөспүүбүлүкэ салалтата үөрэтэр. Галина Данчикова көһө сылдьар мунньах кэнниттэн санаторий билиҥҥи туругун тиийэн билсибитэ.
Бырабыыталыстыба көһө сылдьар мунньаҕар Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай-экономическай сайдыытын былааннара өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ сайдыытын былааннарын кытта быстыспат сибээстээхтэрэ этилиннэ. Тырааныспар, энергетикэ, таһаҕас тиэйиитин-таһыытын биир түмүк киинэ буолуохтаах «Аллараа Бэстээх» агломерация сыыйа тэриллэн, өрөспүүбүлүкэбит бырамыысаланнай киинэ Дьокуускай куораты кытта биир кэлим бырамыысаланнас, энергетикэ, тырааныспар киинэ буолар кэскилин диэки чарапчыланан көрөр буолабыт.
This post was published on 01.08.2016 15:20 15:20